Балаҕан ыйын 27 күнүгэр 1990 сыллаахха биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр судаарыстыбаннай суверенитет туһунан Декларация ылыныллыбыта. Декларация өрөспүүбүлүкэбит Россия Федерациятын тэҥ бырааптаах субъега буоларын биллэрбитэ. Бу күнү бэлиэтээн туран, өрөспүүбүлүкэбит судаарыстыбыннаһын олохтонуутугар суолу тэлбит олук уурбут, үлэлэспит, махтана ааттыыр дьоммутуттан биирдэстэрэ Платон Ойуунускай буолар. Кини пааматынньыгар бүгүн сибэкки дьөрбөтүн ууруутун тэрээһинэ ыытылынна. Бу үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ, Өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Антонина Афанасьевна Григорьева, Дьокуускай куорат салайааччыта Евгений Николаевич Григорьев, Дьокуускай куорат дума бэрэссэдээтэлэ Альберт Никандрович Семенов кыттыыны ыллылар. Ону таһынан, тэрээһиҥҥэ Дьокуускай оскуола 2-с нүөмэрдээх үөрэнээччилэрэ, «ЮНАРМИЯ» байыаннай патриотическай уопсастыбаннай хамсааһын чилиэттэрэ кыттан, тус бэйэ санаалырын үллэстэн, Өрөспүүбүлүкэбит 100 сылынан хайдах буолуохтааҕын туһунан тус санааларын үллэстиниллилэр.
Налесник Женя, X кылаас үөрэнээччитэ:
— Мин санаабар, Өрөспүүбүлүкэбит судаарыстыбыннаһын ылыныыта Саха Сиригэр олус бэлиэ күн буолар. Платон Ойуунускайдаах бары биир сомоҕо буолан үлэлэспиттэрин курдук, хас биирдии бэйэбит төрөөбүт дойдутун курдук бэриниилээх, сайдыытыгар тустаах буола улаатыан наада диэн саныыбын, уонна 100 сылынан Өрөспүүбүлүкэбитин сайдыылаах, киэҥ, туристическай куорат буолуо диэн көрөбүн.
Неустроев Байдам, X кылаас үөрэнээччитэ:
— Маннык тэрээһиннэр оҕо өйүн-санаатын күүһүрдэллэр, паториотическай санааны уһугуннараллар. Патриотизм хас биирдии бэйэбитигэр баар буолуохтаах, кыра көмөттөн, өйөбүлтэн, тугу эрэ ситиһэн, кыайыыттан-хотууттан саҕалаан, төрөөбүт дойдуга диэри буолар. Дойдуга таптал, харыстааһын баар буолан, сайынннаран 100 сылынан Өрөспүүбүлүкэбит улахан дьиэлэнэн, мегаполис буола кэҥиэхпит, дьону-сэргэни аралдьытар кииннэр сайдыахтара. Ол туһугар, сайда-чэчирии туруохпут.