Бу күннэргэ бассаап ситимигэр «Казань куоракка олохтоох саха оҕолорун Таатта кыыһа саха тылыгар, фольклоругар үөрэтэн саҕалаата» диэни астына истибитим. Ити баар буоллаҕа, норуоппут быстыбат ситимэ. Ханна да сырыттаргын, саха буоларгын өрө тутарыҥ, киэн туттарыҥ. Биһиги биири өйдүө тустаахпыт: омук быһыытынан инникибит — төрөөбүт тылбытыгар баар.
Анита Романова ХИФУ ХИНТуоКИ саха салаатын быйыл туйгуннук бүтэрэн, салҕыы Казанньааҕы федеральнай университекка билэлиэгийэ тюркология хайысхатын үрдүкү оскуолатыгар магистратураҕа үөрэнэ киирдэ. Кини төрөөбүт тылын үөрэтэр, аймахтыы тыллары кытары тэҥнии тутар, ис-иһин хасыһар интэриэстээх.
— «Омук күүһэ өйүгэр, өйүн күүһэ — тылыгар» диэн В.Н. Бырдьахаанап этэн турардаах. Кырдьык, тыллаах норуот хаһан баҕар тыыннаах. Кини күүстээх, кини инникигэ эрэллээх, кини көҥүл, кини сайдыылаах буолар. Ханна да тиийдэргин, ырааттаргын, саха буоларгын уонна тылгын, култуураҕын өйгөр-санааҕар илдьэ сылдьыахтааххын, дьоҥҥо сөпкө тириэрдиэхтээххин, киэн туттуохтааххын. Ол онтукайын саныыр санааҕар, иитиигэр, иэйиигэр, дьону кытары алтыһаргар ордук көстүөхтээх.
Үөрэҕим таһынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин иһинэн ыытыллар өрөбүллээҕи оскуолаҕа манна олорор саха оҕолорун бэйэбит төрүт тылбытыгар үөрэтэбин. Билиҥҥи ахсаанынан миэхэ 5 кырачаан үөрэнээччилээхпин. Сахалыы өйдүүллэр, ол эрэн саҥараллара, толкуйдууллара уонна суруйаллара бытаан. Ол ону суох оҥорор, бэйэбит тылбытыгар тапталы үөскэтэр, кырдьыктыы ис сүрэхтэн баҕаран туран үөрэнэр, норуоппутугар чугас буолар сыаллаах-соруктаах үлэлии-хамсыы сылдьабыт. Оҕолор харахтарыгар уоттаахтар, интэриэстээхтэр, баҕалаахтар – ол буоллаҕа учуутал дьиҥ үөрүүтэ, ситиһиитэ.
Билигин биһиэхэ сүрүн кыһалҕабыт диэн саха тылын урукку босуобуйата көстөн биэрбэтэ буолар. Хас биирдии оҕоҕо саха тылын кинигэтэ баар буолуон баҕарабын. Биһиги былааммыт киэҥ: сахалыы ааҕарга-суруйарга үөрэнии, норуоппутугар чугас буоларга талаһыы, култуурабытын, үгэстэрбитин, фольклорбутун иҥэринии, дьиҥ сахалыы тыыннаныы уонна ити барыта биһиги дьолбут буоларын билии.
Бу бырайыакпыт салҕыы сайдар суоллаах, кэскиллээх, инникилээх. Этэҥҥэ буоллаҕына, оҕолору эрэ буолбакка, улахан да дьону, бэл баҕалаах атын да омуктары эмиэ үөрэтэр кыахтаахпыт.
Сахабыт тыла ыраах иһилиннин, сахалыы саҥарааччы үксээтин, тарҕатааччы элбээтин, сахалыы тыын баар буоллун!
Анна СЛЕПЦОВА.