«Атырдьах ыйын 8 күнүгэр 16 сааспын туоллум”, — диэн эдэр модельер-стилист Кира Тарасова кэпсээнин саҕалаата.
Дьиэ кэргэним өйөөн бизнес арыммытым
— 13 сааспар fashion — стилискэ үөрэнэн бэйэм блог арыйбытым. Мин үлэм, айар суолум коронавирус кэмигэр саҕаламмыта. Ол иһин наар дьиэҕэ устар этим. Онтон сыл аҥара буолан баран, кыараҕас квартираҕа устар табыгаһа суох эбит дии санаабытым. Таҥас ыһылла сытара, араас устар техникэ баара дьиэ кэргэммэр да мэһэйдиир буоллаҕа. Блогум сайдан испитэ. Салгыы бэйэм студиябын арынарга быһаарыммытым. Ол курдук, бизнес тэринэн ситиһиилээхтик үлэлии сылдьабын.
Дьиэ кэргэним-саамай күндү баайым. Дьонум өйөөһүннэрэ суох туох да табыллыа суох этэ. Бэйэтинэн хамаанда: ийэм — продюсер, аҕам — технолог, эдьиийим — фотограф, иккис эдьиийим — видеомейкер. Аҕам араас бырайыактарбар үлэлэһэр, көмөлөһөр. Оннооҕор эһэм өйүүр, съемкаларбар массыынанан илдьэн биэрэр.
«Квартал труда» диэн креативнай кластер резидена буолабын. Бу кластер нөҥүө саҥа фотостудиябар техника атыылаһарга үлэлии сылдьабын.
Хайдах истииллээх буолабын?
Мин санаабар, хас биирдии киһиэхэ истиил баар. Истиил диэн дууһа кыланыыта, киһи санаатын, өйүн-толкуйун сиэркилэтэ. Ол эрээри, элбэҕи ааҕан, экперимиэннээн, сыыһарга куттаммакка, талааны сайыннарыахха наада. Сыыһалар элбэххэ үөрэтэллэр, бастыҥ буоларга көҕүлүүллэр.
2,5 сыл иһигэр экологияҕа, аҕа уонна оҕо, эрдэҕэс саастаах оҕолор кыһалҕаларыгар, соҕотохсуйууга сыһыаннаах сыһыаннаах социальнай хаартыскалар, видео-бырайыактары олоххо киллэрдим. Дьон кэрэхсэбилин, махталын истэбин, онтон наһаа дьоллонобун.
Ситиһиилэр, иниики эрэллэр
Италияҕа буолбут норуоттар икки ардыларынааҕы уонна Россиятааҕы fashion исписэлиистэр куонкурустарын кыайыылааҕа буолабын. “Arctic fashion show” уонна “Mercedes Benz fashion week Russia” курдук улахан көрдөрүүлэргэ үлэлээбитим.
Коммерческай бырайыагым kira.tarasova_studio фотостудия буолар. Манна күүспүн, кыахпын, сатабылбын барытын уурабын. Сайдыаҕа, үүнүөҕэ диэн эрэнэбин!
Кира билиҥҥи көхтөөх, дэгиттэр сайдыылаах ыччат холобура буолар. Киһи ис иһиттэн баҕаран, итэҕэйэн, таптаан сөбүлүүр хайысхатынан үлэлээтэҕинэ, ситиһии тосхойор.
Эльдар Садовников