Саҥа үөрэх дьылыттан өрөспүүбүлүкэ оскуолаларыгар «Кэскил» оҕо медиа-кииннэрэ үлэлиэхтэрэ. Манна Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо кыһатын кытары үлэлииргэ 40 оскуола талыллан олорор, онтон сыл бүтүүтэ бу улахан хабааннаах үлэҕэ эбии атын оскуолалар кыттыһыахтара. Бу барыта оҕо төрөөбүт тылынан саҥара, төрөөбүт тылын харыстыы, таптыы, төрөөбүт дойдутун, нэһилиэгин, дьонун-сэргэтин историятын билэ-үөрэтэ, ону сөпкө кэпсии-тарҕата үөрэнэригэр туһуланар.
Надежда Громова, Хаҥалас улууһун М.Е. Васильева аатынан 2-с Малдьаҕар орто оскуолатын эбии үөрэхтээһинин педагога манна бэйэтин тус санаатын кытары үллэстэр:
— Биһиги оскуолабыт «Кэскил» оҕо кыһатын кытта ыкса алтыһан үлэлээбиппит үс сыл буолла. Оҕолорбут хаһыакка, сайтка оскуола олоҕуттан араас заметкалары суруйаллар, тэттик киинэлэри устан ыытабыт.
Быйыл 5 үөрэнээччибит «Кэскил» тэрийэн ыыппыт «Медиа-Ракета Кэскил» үөрэх лааҕырыгар көхтөөх кыттыыны ыллылар.
8-с кылаас үөрэнээччитэ Алина Григорьева лааҕыртан талыллан, быйыл Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт II-с норуоттар икки ардыларынааҕы интеллектуальнай оонньууларга эдэр корреспондент быһыытынан үлэлээн, сайыҥҥы кэмҥэ «Саха» НКИХ ханаалыгар оҕолор бэйэлэрэ уһулан, монтажтаан таһаарбыт биэриилэрин, күннээҕи дневниктэрин, репортажтарын, интервьюларын Саха сирин бар дьоно сэргии көрдүбүт.
Бу туһунан Алина санаатын маннык үллэстэр: «II-с норуоттар икки ардыларынааҕы интеллектуальнай оонньууларга кыттан, суруналыыстыка хайысхатынан үгүс билиини, уопуту ыллым, саҥа билсиһиилэр, умнуллубат түгэннэр биһиги лааҕырбытыгар баар этилэр. Биллэн турар, күн аайы саҥаттан саҥа былаан, интервьюларга сылдьыы, тылбытын-өспүтүн чочуйуу, видео устуута — бу мантан барытыттан киһи сылайар этэ, ол гынан баран, үлэбит түмүгүн телевидение нөҥүө көрдөхпүтүнэ сүргэбит көтөҕүллэрэ. Оонньуулар кыттыылаахтара, араас омук оҕолоро хайдах бырайыактарын көмүскүүллэрин көрөр интэриэһинэйэ, телестудияҕа олорон, монтаж үлэтэ хайдах барарын илэ хараххынан көрөр, араас сатабыллаах дьону кытта билсиһэр, кинилэри кытта тэҥҥэ үлэлэһэр олус үчүгэй этэ. Бииргэ үлэлэспит оҕолорбор, салайааччыларбытыгар махталбын биллэриэхпин баҕарабын».
Быйылгы сылтан өрөспүүбүлүкэбит оскуолаларыгар «Кэскил» медиа кииннэр үлэлэрин саҕалыахтара. Оскуола үөрэнээччилэрэ саха, нуучча тыллара, история, биология, география курдук хайысхаларынан видеороликтары, хаһыакка, сайтка ыстатыйалары бэлэмниэхтэрэ. Оҕолор сахалыы тылынан бырайыактары суруйуохтара, төрүччүлэрин үөрэтиэхтэрэр. Онон олус сэргэх уонна интэриэһинэй үлэ биһигини күүтэр.
keskil14.ru