Бэс ыйын 14 күнүгэр «Кэскил» хаһыат, «Бэлэм буол» сурунаал айар бөлөҕө «Сосновый Бор» лааҕырга «Журнал будущего» проектнай сессияны ыытан кэллибит. Кэрэспэдьиэннэр Вера Петрова, Кристина Иванова, Эльдар Садовников, верстальщик Оксана Борисова, художник Сахая Солдатова оҕолору кытта түөрт бөлөххө арахсан үлэлээтибит.
Лааҕыр сынньанааччылара сурунаалга тугу кэрэхсии көрбүттэрин, тугу эбиэхтэрин сөбүн, аныгыскы нүөмэрдэргэ ким, туох туһунан ааҕыахтарын, көрүөхтэрин баҕаралларын эттилэр. «Блогеры» хамаанда санааларын ватмаҥҥа тиһэн, стенгазета оҥорон, көмүскээн кыайыылаах буоллулар!
Араас комикстары, биллиилээх киинэлэр дьоруойдарын, ырыаһыттар, артыыстар плакаттарын, тэттик сонуннары, «Таҥсык» рубрикаҕа корейскай кухня рецептэрин, муода туһунан ааҕыахтарын, көрүөхтэрин баҕаралларын, «Аккорды» рубрикаҕа идеяларын эттилэр.
Биһиги сүрүн ааҕааччыбыт — оҕо буолар. Ол курдук, «Сосновый Бор» лааҕыр иитиллээччилэрин санааларын иһиттибит, астынныбыт. Таһаарыыларбыт оҕо аныгы үйэҕэ сайдарыгар улахан сабыдыал буолаллар. Ааҕааччыларбыт санааларын истэн куруутун тупсарга, сайдарга үлэлииибит — хамныыбыт!
Бэлэмнээтэ Эльдар Садовников