Ыһыах саха дьонугар – сэргэтигэр Саҥа дьыл үүнүүтүн уонна сайын, айылҕа тыллыытын бэлиэ күнэ. Мин билэрбинэн, ыһыах түһүлгэтигэр ыраахтан, чугастан кэлбит ыалдьыттар уохтаах кымыһы иһэллэр, үтэһэлээх этинэн күндүлэнэллэр. Илии-атах оонньуутугар күрэхтэһэллэр, оһуохай дьиэрэйэр. Онтон ааспыт күннэргэ ыһыахха бэйэм сылдьан кэллим, санаабын үллэстиим.
Быйыл кылааһынан бастакыбытын ыһыахтаатыбыт. Кылааспытыгар 26-быт, учууталбыт Саина Владимировна Кондакова диэн. Ыһыах, үгэс быһыытынан, алгыһынан арылынна, ырыа -тойук ылланна. Кылааһынан «Алаас оҕолоро» үҥкүүнү толордубут. Сахалыы остуол тардылынна, ас эгэлгэтэ уурулунна. Саха төрүт астарын арааһын, баайын көрөн сөхтүм, үөрэ – көтө амсайдым. Кэлбит кылаастар бары оһуохай тэптибит. Сүүрүүгэ, таба быраҕыыга, уһуну ыстаныыга күрэхтэһиилэр буоллулар.
Саха дьоно уратыбыт, баайбыт – төрүт үгэспитигэр сытар. Оҕолор, төрөппүттэр, учууталлар бэртээхэй сахалыы таҥастаах сылдьалларын көрөммүн киэн туттуу санаа үөскээтэ!
Арина Никитина, Саха гимназиятын 3 «в» кылааһын үөрэнээччитэ