Төрөөбүт Дьөккөммүттэн төрүттээх Союзка, өрөспүүбүлэкэҕэ, улууска биллэр дьон төрөөн-үөскээн, үлэлээн-хамнаан ааспыттарыттан, кинилэри кытары биир сиртэн төрүттээхпиттэн киэн туттабын. Н. Черканов, С. Ф.Гоголев, В. С. Андреев, В. А. Кондаков онтон да атыттар буолаллар.
Дьөккөн оскуолатын маҥнайгы үөрэнээччилэриттэн биирдэстэрэ, Саха Сиригэр физмат оскуолалар хамсааһыннарын саҕалаабыт тэрийээччи, ССРС норуодунай учуутала Михаил Андреевич Алексеев төрөөбүт күнүгэр уонна биир дойдулааҕым Николай Алексеевич Кондаков Сэбиэскэй Союз дьоруойун аатын сүкпүт ыам ыйын 5 кунугэр «Саха» кердерер-иьитиннэрэр хампаанньа таьыгар, дьоруой Н. А. Кондаков боруонса мөссүөнүн иннигэр, хампаанньа директора Марков Олег Олегович илиититтэн «Саха» көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа стипендиятын туттум. Ол кун ону таһынан Радио кунун көрсө ветеран улэһиттэри чиэстээбиттэрэ, сибээс уонна радио улэһиттэригэр наҕараада туттарбыттара. Дьоруой пааматынньыгар сибэкки уурбуппут.
Маны таһынан оскуола директорын Егор Егорович Петровы кытары күнүс 1 чааска «Тэтим» радио быһа эфиригэр тахсан оскуолабыт, нэһилиэкпит туһунан кэпсээбиппит. «Хомусчаан» ансаамбыл Айаал Ильич Дмитриев салайыытынан үөрэппит «Көччүйэр оҕо саас» композицияны бэлэх уунан, хомустаан толорбутум.
Биир дойдулааҕым Сэбиэскэй Союз дьоруойа Николай Алексеевич Кондаков өр сылларга үлэлээбит «Саха» көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа анал стипендиятын ылбыппынан олуһун диэн үөрэбин, киэн туттабын. Хампаанньа үлэһиттэригэр, директорыгар Олег Олеговичка махталбын тиэрдэбин! Махтанабын ийэлээх аҕабар, күүс-көмө буолар эбээбэр Надежда Степановнаҕа, оскуолам директорыгар Егор Егоровичка, учууталларбар!
Сэбиэскэй Союз дьоруойа Н. А. Кондаков аатынан Дьөккөн орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ Аэлита Михайлова