Саха Автономията тэриллибитэ 100 сыллаах үбүлүөйүн көрсө Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтэ уонна «Россия — моя история» историческай мультимедийнай паарка холбоһук үлэлэрин эһиги болҕомтоҕутугар таһаарабыт.
Судаарыстыбаннас туһунан өйдөбүл омук аайы бэриллибэт. Саха омукка бу өйдөбүл өбүгэлэрбит саҕаттан баар. Ону биһиги историяны үөрэтэн билэбит. Историяны үөрэтии туһата — өбүгэлэрбит сыыһаларын-халтыларын билэн бэйэбитигэр түмүк оҥостон сөптөөхтүк дьаһанан олорорго аналлаах. Ол иһин историяны үөрэтэбит. Саха республиката тэриллибитэ 100 сааһын туолар бэлиэ сылыгар биһиги эһиэхэ судаарыстыбаннаспыт үөскээбит историятын, өбүгэлэрбит олохторуттан түҥ былыргыттан саҕалаан аныгы кэмҥэ диэри кэпсиибит. Билиитэ ылыҥ, көрөн-истэн сэргэҕэлээҥ күндү ыччат дьоммут!
Виктор БОРИСОВ, «Россия — моя история» историческай паарка методиһа.
Хаартыска «За нами будущее» документальнай киинэ афишатыттан ылылынна.