Мэҥэ Хаҥалас Хаптаҕайын оскуолатыгар үгэскэ кубулуйбут, төрдүс чиэппэр саҥатыгар ыытыллар «Мисс уонна мистер» күрэх буолан ааста. Бу туһунан «Кустук» студия иитиллээччитэ, 10 кылаас үөрэнээччитэ Валя Спиридонова сырдатар.
Бу күрэххэ кылаастарыттан талыллан, 12 уол уонна кыыс күөн күрэхтэстилэр. Куонкуруска бары кичэйэн бэлэмнэнэн араас түһүмэҕи аастылар: «Бэйэни билиһиннэрии», «Талааны көрдөрүү”, «Билиини тургутуу», «Айылҕа харыстабыла”, «Ангел-хранитель», «Авангард муода», «Вальс». Хас биирдии кыттааччы эриэккэс талааннарынан сөхтөрдүлэр. Сценаҕа бииртэн биир интэриэһинэй, майгыннаспат көстүүлэр тахсан истилэр. Дьүүллүүр сүбэ бэрт уһуннук быһаарсан, анал ааттары анаата. Ол курдук, вице-мисс Нана Федорова, вице-мистер Айгылаан Алексеев буоллулар, биһирэбили Ксения Николаева, Уран Мордовской ыллылар. «Мистер уонна мисс талант» Юра Павлов, Василена Дмитриева, «Мистер интеллект» Настя Егорова, Витя Слободчиков, «Мисс уонна мистер интернет» Игорь Иванов, Айсена Яковлева буоллулар. «Мисс и мистер эрудит» – Антон Иванов, Афанасьева Настя , «Мисс уонна мистер креатив» Анжелика Терентьева уонна Вадим Слепцов. Бары муҥутуур кыайыылаахтар ааттарын долгуйа күүтэн, “Мисс-2022» Настя Афанасьева, «Мистер- 2022» Юра Павлов буолалларын үөрэ иһиттибит. Дьүүллүүр сүбэ бары кыттааччылар олус кичэйэн бэлэмнэммиттэрин, күрэх үрдүк таһымҥа барбытын бэлиэтээтилэр.