Бу күннэргэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей-интернат 10 кылааһын үөрэнээччитэ Валерия Матросова бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиадаҕа иккис сылын призер буолла. Валерияны кытта сэргэх кэпсэтиибитин көрүҥ, сэргээҥ.
– Валерия, ситиһиигинэн эҕэрдэлиибин! Күрэх туһунан кылгастык кэпсиэҥ дуо?
— Махтал, бу күрэх сылын аайы ыытыллар, оскуола этабыттан саҕалаан. Олимпиада уопсайа үс түһүмэхтэх турар: аналитическай, айар үлэ, тылынан. Манна үөрэнээччи филолог буолар быһыытынан араас сатабылларын көрдөрөр: тиэкиһи ырытыы, ыстатыйа суруйуу уо.д.а. Мин бу олимпиадаҕа иккис сылбын кыттабын. Оскуолатааҕы, региональнай түһүмэхтэр түмүктэринэн барбытым. Онно барыта 83 регионтан оҕолор кыттыбыттара.
– Олимпиадаҕа туох ыарыхаттары көрүстүн?
– Олимпиада бэйэтэ ыарахан. Бастакы аналитическай тур саамай ыарахан буолар дии саныыбын, тоҕо диэтэххэ онно суруйааччы санаатын таайыахха наада. Ол санаалары өйтөн суруйууга табыгастаахтык, дьүүллүүр сүбэ экспертарын этэргэ дылы соһутар, болҕомтолрун тардар гына суруйар ордук.
– Икки турнир кэнниттэн эн санааҥ?
– Олимпиадаҕа, араас күрэхтэргэ кыттар оҕо син биир онтукатын өрө тутуохтаах, ол аата туох баар бириэмэтэ онно аналлаах буолуохтаах. Онон киһи тугу эмэ сүтэрэр, ол оннугар билии ылар. Холобур, доҕотторгун кытта күүлэйдиэхтээҕэр кинигэ ааҕааҕын – иккиттэн биир талыллар.
– Валерия оскуолаҕын бүтэрдэххинэ ханнык идэни баһылыаххын баҕараҕын?
– Өссө даҕаны чуолкайдык быһаарына иликпин. Ол эрэн литератураны, кинигэлэри кытта ситимнээх буолуо дии саныыбын. Сөбүлүүр уруогум элбэх, гуманитарнай хайысха предметтарын интэриэһиргиибин. Литератураны дириҥэтэн үөрэтэбин.
–Ханнык суруйааччы сөбүлээн ааҕаҕын?
– Сөбүлүүр суруйааччыны ааттыырга дьэ уустук. Төһө даҕаны кинигэни сөбүлээтэрбин даҕаны, кинигэ диэн уустук санаа буолар. Ол эрэн Достоевскай уонна Далан айымньыларын астынабын.
– Саастыылаахтаргар ханнык айымньылары сүбэлиэҥ этэй? Топ – 3?
– “Тыгын Дархан”, Далан
“Мартин Иден”, Джек Лондон
“Преступление и наказание”, Федор Достоевский
– Олоххор тутуһар санааҥ?
– Сарсын саҥа күн үүнүө!
– Иллэҥ кэмҥэр тугунан дьарыктанаҕын?
– Иллэҥ кэммэр ааҕабын, суруйабын, уруһуйдуубн, иистэнэбин. Ону-маны илиибинэн оҥорорбун астынабын, онтон дьиҥнээхтии дуоһуйабын.
– Бэйэҥ саастыылаахтаргар, оҕолорго баҕа санааҥ?
– Оҕолор олоххутугар сөбүлүүр дьыалаҕытынан дьарыктаныҥ.Өскөтүн ис сүрэххиттэн баҕаҥ тахсар буоллаҕына, ол дьыалаҕар ыраатыаҥ, элбэҕи ситиһиэҥ. Ол хайаан да үөрэҕи кытта сыһыаннаах буолбатах. Чэгиэн, дьоллоох буолуҥ!
Кэпсэттэ Кристина ИВАНОВА .