ССРС норуодунай учуутала Михаил Андреевич Алексеев төрөөбүтэ 105 сыллаах үбүлүөйүн көрсөргө бэлэмнэнэбит. Бу үбүлүөй чэрчитинэн оскуола естественнэй-математическай холбоhук (салайааччы Алексеева Р.Р.) учууталлара олунньу 25 күнүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи дистанционнай математикаҕа уонна физикаҕа орто кылаастарга (5 – 8 кыл.) олимпиада ыыттыбыт.
Барыта 50-тан тахса сайаапка Алдантан, Верхоянскайтан, Тиксииттэн, Муоматтан, Томпоттон, Өлөөнтөн, Кэбээйиттэн, Амматтан, Аллара Бэстээхтэн, Сунтаартан, Чурапчыттан, Өлүөхүмэттэн, Орто Халыматтан уо.д.а кэлбититтэн, хамсык мэһэйдээн, 40 ча оскуола 5- 8 кылаастарын 414 оҕото кытынна. Саамай элбэх кыттааччы Сунтаартан, Чурапчы спортивнай «Эрэл» оскуолатыттан, Аллара Бэстээх 2 №-дээх сүрүн предметтэри дириҥэтэн үөрэтэр оскуолатыттан, Тиксиитээҕи Арктическай гимназияттан уонна Үөһээ Бүлүүттэн кытыннылар.
Олимпиада түмүгүнэн бастыҥнар ааттаннылар, кыайыылаахтар анал кубогунан наҕараадаланнылар:
Уопсай үөрэхтээhин оскуолатын 5-с кылаастара:
1-гы миэстэ — Баппаҕаайы оскуолатын туйгун үөрэнээччитэ Петрова Инга,
2-с миэстэ–Тутукаров Иван (1 Күүлэт оскуолатын үөрэнээччитэ, Бүлүү улууhа), Захаров Сергей (Өргүөт, Үөhээ Бүлүү),
3-с миэстэ – Ераскумов Эрхан (Туойдаах, Сунтаар), Санников Руслан (Баатара, Мэҥэ Хаҥалас), Тихонов Марк (Арыылаах, Сунтаар), Иванов Богдан (2 Күүлэт, Бүлүү).
Сүрүн предметтэри дириҥэтэн үөрэтэр оскуолалартан:
1 миэстэ- Данилов Намыын (СПТЛ-И, Сунтаар),
2-с миэстэ – Макаров Яким (СПТЛ-И), Назаров Денис (Амма Короленко аатынан 1кы №дээх оскуола),
3-с миэстэ – Петрова Татьяна (Арктическай гимназия, Тиксии).
6 кылаастарга:
1-гы миэстэ — Черемкина Дайаана (Соболоох, Муома),
2-с миэстэ – Мордовская Эльза, Атаков Даниил, Георгий А. (үһүөн Бэрдьигэстээх орто оскуолата, Горнай), Мандаров Николай (Сартан, Верхоянскай), Томский Виктор (Эҥэ, Верхоянскай),
3-с миэстэ – Кондаков Христиан (Чурапчы спорт оскуолата), Семенов Алеша (1 Күүлэт, Бүлүү), Егорова Дайаана (Сатаҕай, Амма) ыллылар (уопсай орто үөрэхтээһин оскуолалара).
Профильнай оскуолаларга:
1-гы миэстэ — Абубакаров Денис,
2-с миэстэ – Кумская Вероника,
3-с миэстэ – Лотова Любовь, Абубакаров Султан, Слепцов Артур, Федотова Доминика (бары Аллара Бэстээх 2с нүөмэрдээх оскуола үөрэнээччилэрэ) уонна Зорин Давид (СПТЛ-И, Сунтаар).
Уопсай орто үөрэх оскуолаларын 7-с кылаастара :
1-гы миэстэ — Горохова Нарияна (Эҥэ, Верхоянскай),
2-с миэстэ – Оленова Айыына (Ээйик, Оленек),
3-с миэстэ – Терентьев Марат (Аhыма, Горнай), Онуфриева Инна (Сатаҕай, Амма).
Профильнай оскуолаларга:
1-гы миэстэ – Старостин Айтал (Аллара Бэстээх, Мэҥэ Хаҥалас),
2-с миэстэ – Борисова Валерия (Аллара Бэстээх),
3-с миэстэ – Петрова Яна (Аллара Бэстээх), Егорова Чэмэлиинэ (Аллара Бэстээх), Дормидонтов Ярослав (СПТЛ-И) ыллылар.
Уопсай орто үөрэх оскуолаларын 8 -с кылаастара :
1-гы миэстэ – Трубина Лидия (Нөөрүктээйи, Өлүөхүмэ),
2-с миэстэ – Яковлева Рада, Иванов Дьулусхан, Харлампьев Давид (үһүөн Баппаҕаайы, Бүлүү), Корнилова Виталина (Нөөрүктээйи, Өлүөхүмэ), Григорьева Марина (Үөһээ Бүлүү 1 №дээх оскуола),
3-с миэстэ – Тырылгина Анна (Сыбаатай, Орто Халыма), Адамов Николай (Сыбаатай), Егоров Юрий (Төхтүр, Хаҥалас), Слепцов Кирилл (Сыбаатай) ыллылар.
Дириҥэтэн үөрэтэр оскуолаларга:
1-гы миэстэ – Иванов Павел (СПТЛ-И, Сунтаар),
2-с миэстэ – Данилов Альберт, Егоров Евгений (СПТЛ-И, Сунтаар), Шергина Милена, Семенова Айыына (Сунтаар гимназията), Алексеева Кристина (СПТЛ-И),
3-с миэстэ – Абубакаров Садам, Стручкова Варвара, Решетняк Полина (үһүөн Аллара Бэстээх 2 №-дээх оскуола) ыллылар.
Биһиги оскуолабытыттан Петрова Инга (5-с кылаас, учуутала Алексеева Р.Р.) 1 миэстэни, Иванов Дьулусхан, Харлампьев Давид, Яковлева Рада (8-с кылаастар, учууталлара Константинова А.Г., Федорова Т.В.) 2-с миэстэни ыллылар. Өрөспүүбүлүкэтээҕи ыраахтан олорон (дистанционнай) ыытыллыбыт математика уонна физика олимпиадатын ыыппыт хамыыhыйа аатыттан көхтөөхтүк кыттыбыт оскуолаларга истиҥ махталбытын тиэрдэбит.
А.Г. Константинова, Баппаҕаайы орто оскуолатын математикаҕа үрдүкү категориялаах учуутала, М.А. Алексеев үөрэнээччитэ.