Бүгүн — «Кэскил», «Юность Севера» хаһыаттары 50-тан тахса сыл салайбыт редактор Нина Иннокентьевна Протопопова төрөөбүтэ 95 сыла. Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһу оскуолатыгар бу бэлиэ түгэҥҥэ анаан «Үлэ киһитэ» диэн дьоҕус кээмэйдээх хоһоон айыытыгар күрэх ыыттылар. Бу туһунан «Тымтык» эдкорпост салайааччыта Нина Никитична Михайлова билиһиннэрэр.
“Артек” лааҕырга путевканы туттарбыта…”
1991 сыллаахха өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллыбыт «Аһымал» ааксыйаҕа Үөһээ Бүлүү Ороһу оскуолатын «Иэйиэхсит» оҕо бөлөҕө бастыҥнар ааттарыгар ааттанан, «Артек» лааҕырга сынньанар икки путёвканан наҕараадаламмыта. Путёвканы өрөспүүбүлүкэ биллэр уопсастыбаннай деятелэ, Россия културатын үтүөлээх үлэһитэ, Саха өрөспүүбүлүкэтин суруналыыстыкаҕа судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, СӨ, Бүлүү улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, «Кэскил»,»Юность Севера» («Учуутал аргыһа»,»Учительский вестник» сыһыарыылардаах) хаһыаттар редактордара Нина Иннокентьевна Протопопова бэйэтинэн кэлэн туттарбыта соһуччу да, үөрүүлээх да этэ. Путевкалары Уля Антонова, Сергей Туралысов тутан, элбэҕи көрөн-билэн кэлбиттэрэ.
Биһиги оскуолабытыгар Нина Иннокентьевна төрөөбүтэ 95 сааһын туоларынан » Үлэ киһитэ» диэн дьоҕус кээмэйдээх хоһоон айыытыгар күрэх ыыттыбыт. Тэрээһин түмүгүнэн «Бастыҥ хоһоон айааччы» ааты Сахамин Селясинов (11-с кылаас), Ксения Семёнова (7-с кылаас), Гена Иванов Гена (5-с кылаас), Юлия Кондакова (5-с кылаас) ыллылар.
Кыайыылаахтар грамотанан уонна биир дойдулаахпыт «Офсет» реклама хампаанньатын генеральнай директорын Д.Н.Скобелева аатыттан «Кэскил» хаһыакка суруутунан бэлиэтэннилэр.
ҮЛЭҺИТ ҮТҮӨТЭ ДИИЛЛЭРЭ
Сытыары сымнаҕас майгылаах,
Амарах аһыныгас сүрэхтээх,
Эйэҕэс- элэккэй дууһалаах.
Киһи киэнэ кэрэмэһэ,мааныта
Үлэһит үтүөтэ дэһэллэрин истэрим.
Мин хос эһэм барахсан
Сарсыарда эрдэлээн тураатын,
Хаһыат бэргэһэтин кэтээтин,
Тимир көлөтүнэн бэлисипиэтинэн
Үлэтигэр олус ыксаан-тиэтэйэн,
Үөрэ -көтө барарын кэпсииллэрэ.
Мин хос эһэм Арамаан барахсан
Астаабыт араҕас арыыта,
Эрийбит хойуу сүөгэйэ,
Минньигэс мөлбөркөй көбүөрэ
Аар саарга аатырбытын
Сэмэйдик киэн тутта истэрим!
Мин хос эһэм түбүктээх үлэтин
Үрдүктүк сыаналаан,чиэстээн
Уордьанынан, мэтээлинэн бэлиэтээннэр
Албан аатыҥ ыраахха дуорайбытын
Уос номоҕор киллэрэн кэпсииллэрин истэбин!
Мин хос эһээм Арамаан
Күн бүгүн эн олоххун салҕааммыт
Үөрэххэ-үлэҕэ инники сылдьаммыт
Эн,эһэбит, албаннаах ааккын
Үрдүктүк күөрэччи көтөҕөн
Олох суолун устунан хаамсабыт эрдээхтик!
Гена Иванов, 5-с кылаас.
ЭРЧИМНЭЭХТИК ХАМСАНАН
Эти-сиини чэбдигирдэн,
Эрчимнээхтик хамсанар.
Эрдэ туран түбүгүрэр
Эрдээх эрчим үлэһит.
Сылайар диэни билбэккэ,
Сыыдам сытыы туттуулаах.
Бириэмэтин харыстаан,
Мээнэ олорон бараабат.
Сахамин Селясинов, 11-с кылаас.
ХАМСАННАХХА САТАНАР
Киһи буолан баран, олоруом дуо?
Хамсаннахха сатанар!
Оҕо буолан, оонньуом эрэ дуо?
Үлэлиэххэ да наада!
Үлэ өйү сайыннарар,
Илии-атах хамсатар
Улаатарбар эрчиллии
Аралдьыйбакка ситиһиигэ тиэрдэр.
Тиһэҕэр тиэрдэр,
Үлэ киһини киэргэтэр.
Охтубут мас буолбатахпын,
Үлэһит киһибин!
Ксения Семенова, 7-с кылаас.
ҮЛЭ БАРЫТА ТУҺАЛААХ
Үлэ барыта туһалаах,
Үлэ барыта наадалаах.
Үлэ киһини киэргэтэр,
Үлэ киһиэхэ күүс эбэр,
Үлэ киһини кынаттыыр.
Үлэлии үөрэммэтэх тулуура суох,
Сүрэхтээх барытын тулуйар.
Үлэлиэҥ – олоххун оҥостуоҥ!
Гена Иванов, 5-с кылаас.
ҮЛЭҺИТ ҮТҮӨТЭ БУОЛ
Олоххо барытын үлэ тутан турар.
Үлэлээтэххэ, ас-таҥас кэлэр.
Үлэлээтэххэ, үчүгэй олоруоҥ.
Кыһалыннахха эрэ, барыта табыллыа.
Үлэни таптаа,
Кыһаллан толорор буол.
Тылгын тыалга быраҕыма,
Ийэлээх аҕаҕын үөрдээри, үлэлээ.
Үчүгэй үлэһит киһи буол.
Сүрэхтээх киһи үрдүккэ талаһар,
Ону эн өйдөө, үчүгэйдик үлэлээ.
Билбэккин бил, сатаабаккын сатаа.
Хаһан да самныма, кыһалҕа диэни билимэ.
Үлэһит үтүөтэ буол!
Юлия Кондакова, 5-с кылаас.