Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр 1996 сылга олунньу 13 күнэ Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн биллэриллибитэ. Онтон ыла бу күнү Саха сиригэр сыл аайы киэҥ далааһыннаахтык, өрө көтөҕүүлээхтик бэлиэтиир тэрээһиннэр ыытыллаллар. Бу күн дьон төрөөбүт тылын уонна култууратын туһугар сомоҕолоһор биир сүрүн үтүө үгэс буолар.
Саха өрөспүүбүлүкэтигэр төрөөбүт тыл хааларын уонна сайдарын туһугар үөрэх эйгэтигэр туох үлэ бара турарын туһунан үөрэх уонна билим миниистирин Ирина Павловна Любимованы кытта СӨ Үөрэх уонна билим министиэристибэтин пресс-сулууспата кэпсэппит матырыйаалын таһаарабыт.
— Ирина Павловна, төрөөбүт тылбытын харыстыыр уонна сайыннарар туһуттан судаарыстыба таһымыгар туох үлэ барарый?
— Төрөөбүт тыл – норуот көлүөнэттэн күлүөнэҕэ бэриллэр барҕа баайа. Кэнчээри ыччакка ийэ тылы иҥэрии, оҕону уус-уран литератураҕа угуйуу, төрүт култуураҕа умсугутуу төрөөбүт тылтан быһаччы тутулуктаах. Тыл туруга үөрэх эйгэтигэр олус сабыдыаллыыр. Бу үлэ күүстээхтик барарыгар судаарыстыба усулуобуйа тэрийэр. Ол курдук, 2020-2024 сылларга судаарыстыбыннай уонна төрүт тыллары харыстааһын уонна сайыннарыы диэн Бырабыытылыстыба таһымыгар анал программа ылыллыбыта. Бу программа чэрчитинэн үлэ киэҥ далааһыннаахтык барар.
— Үөрэх тэрилтэлэригэр чуолаан Дьокуускай куоракка төрөөбүт тылы үөрэтии боппуруоһа сытыытык турар. Бу туһунан тугу этиэ этигит?
— Билигин күүстэх үлэни төрөппүттэргэ анаан эбэтэр төрөппүттэри кыттыһыннаран биир үлэни ыытар суолталаах. Төрөөбүт тылын билэр оҕо иэйиитэ уһуктар, өйө-санаата сайдар, үөрэҕи чэпчэкитик ылынар. Онон үөрэх эйгэтин үлэһиттэрэ оҕону төрөөбүт тылынан үөрэтиэн баҕалаах төрөппүттэри өйүөх тустаахпыт, биир усулуобуйа тэрийиэхтээхпит. Дьокуускай куораттааҕы үөрэх салаата биллэрэринэн быйылгы үөрэх дьылыгар төрөөбүт Саха тылынан 10408 оҕо үөрэнэр. Маны таһынан 5185 үөрэнээччи Саха тылын туспа үөрэх биридимиэт быһыытынан үөрэтэллэр. Ол аата 1 кылаастан 11 кылааска диэри үөрэнэр оҕо уопсай ахсааныттан 31 бырыһыан буолар. Онтон кылаастарынан ылар буоллахха Дьокуускай коурат оскуолаларыгар 541 төрөөбүт саха тылынан үөрэнэр кылаас баара биллэр. Бу былырыыҥҥы үөрэх дьылыттан 182 кылаас ахсаанынан элбэх. Бу үчүгэй көрдөрүү диэн сыаналыыбын. Ол аата Дьокуускай куорат иһинэн тэрийэр үлэ сөптөөхтүк бара турар.
— Төрүт тыл уонна литература учууталлара сайдалларыгар туох үлэ барарый?
— Эппитим курдук судаарыстыбыннай программа чэрчитинэн үлэ күүскэ барар. 2021 сыл түмүгүнэн учууталлар уонна уһуйаан иитээччилэрэ үлэлэригэр тутталларыгар араас аныгы үөрэх кинигэлэрэ бэчээттэнэн таҕыстылар. Манна киирэллэр саха тыла уонна саха литературата диэн учуобунньуктар, букубаар, көрдөрөн үөрэтэр босуобуйалар, учууталга аналлаах методическэй босуобуйа, дьүкээгир тылынан ааҕыы диэн босуобуйа, уһуйаан оҕолоругар аналлаах араас кинигэлэр таҕыстылар. Уопсайа 301 аат күн сирин көрбүтэ. Манна «Айар» уонна «Дани-Алмас» диэн кинигэ бэчээттээн таһаарар тэрилтэлэри кытары ыпса үлэлэстибит.
Маны таһынан куйаар ситимигэр төрүт тыллары үөрэтэр анал портал күн сирин көрдө. Манна сахалыы тылынан уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу норуот тылларынан тахсыбыт кинигэлэр, үөрэх босуобуйалара, оҕолорго аналлаах остуоруйалар, сахалыы киинэлэр, видео уруоктар барыта биир сиргэ түмүллэн таҕыстылар. Бу үөрэх үлэһиттэригэр уонна тылы чинчийэр-үөрэтэр дьонно олус туһалаах буолуо дии саныыбын. Уонна бу сылга төрүт тыллар учууталларыгар анаан сүбэ мунньах ыытарга тэрийэр үлэ бара турар.
— Ирина Павловна, Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн ааҕааччыларга баҕа санааҥ.
— Убаастабыллаах ааҕааччылар! Бу кэрэ-бэлиэ күнүнэн тус бэйэм ааппыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин. Хайа баҕарар норуот төрөөбүт тылын ытык өйдөбүл быһыытынан үрдүктүк өрө тутар, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ чөл туруктаах хаалларар, салгыы сайыннарар, харыстыыр үлэни тиһиктээхтик тэрийэр буоллаҕына, кини омук быһыытынан уратыта сүппэт. Билиҥҥи сайдыылаах кэмҥэ төрөөбүт саха тылынан араас кинигэлэр,сурунааллар тахсаллар. Куйаар ситимигэр да саха тылынан саҥарарга-ааҕарга усулуобуйа баар.
Үөрэх тэрилтэлэригэр уһуйаантан саҕалаан үрдүк үөрэх тэрилтэлэригэр диэри төрүт тылы үөрэтиигэ, сайыннарыыга сүрүн болҕомто уурабыт. Төрөөбүт тылынан уус-уран айымньыны ааҕыыга улахан суолтаны уурабыт.
Төрөөбүт тылбыт маннык сайда турдун, ылбыт тэтиммитин ыһыктыбакка, таһыммытын түһэрбэккэ салгыы баран иһиэҕиҥ.