Үүммүт саҥа 2022 сыл саҥа саҕахтары саҕар. Ол курдук саҥа сылтан оҕолорго аналлаах өрөспүүбүлүкэбит бастыҥ хаһыата «Кэскил» ый бүтүүтэ «Бэлэм буол» диэн 44 балаһалаах сурунаал кээмэйинэн тахсар сыһыарыылаах тахсар буолла! Ол аата оҕо-аймах тапталлаах хаһыата аны сурунаал сыһыарыыланна!
«Бэлэм буол» бу ханнык да кэмҥэ сөп түбэһэр суолтатынан элбэх көлүөнэ кутун туттарбыт хаһыата. 86 сыл анараа өттүгэр уларыйыы кирбиитин толлубакка туппут, төрөөбүт тылбытынан тахсыбыт бэрт хорсуннук ааттаммыт хаһыаппыт дьулуурун оҕолорбутугар салгыы иҥэрэргэ сорук туруордубут.
Ольга СЕМЕНОВА, Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын дириэктэрэ:
— Саха санаатын, олоҕун уратытын тиспит норуот тылынан уус-уран айымньыта сурукка киирэр кэмэ биһиги тыйыс дойдубутугар балысхан хамсааһыны таһаарбыта. Суруллубат суоруллубат диэн бэргэн этиини бигэргэтэн, күн-дьыл мээрэйэ буолбут кинигэлэр, хаһыаттар, сурунааллар сылтан сыл тахсыталаабыттара. Кинилэр киһи санаатыгар, сайдыытыгар дьайар күүстэрин билинэн улам кэҥээн, уларыйан, тупсан испиттэрэ, сүтэн симэлийэн да хаалбыттар бааллар.
Билигин сурук-бичик салгынынан сылдьар ыыра кэҥээн төттөрүтүн уос номоҕун санатар сонун элбээтэ. Итэҕэтэ, туһалыы охсуох айылаах бииртэн биир кэрэмэс күөрэс гынан иһэригэр сорохтор соһуйаллар, сорохтор үөрэннилэр. Бу информационнай култуура сайдыытын кирбиитэ. Оҕоҕо, эдэр киһиэхэ, бэл диэтэр, төрөппүккэ эмиэ бу култуура олохсуйуута улахан тургутуу.
Биһиги таһаарыыларбыт туһаларын суолтата эмиэ уларыйда. Күндү ааҕааччы, биһиги хаһыаппытыгар эн суруйбут суруктаргын таһаарар өрдөөҕү үгэспитин төнүннэрэргэ сананныбыт. Мантан инньэ бу 4 балаһалаах “Кэскил” хаһыат уруккутун курдук нэдиэлэ аайы кэлиэҕэ. Бу эн суруйар дьоҕургун кыраҕыттан сайыннарар сириҥ буолуоҕа. Туох сонуннааххын, тугу көрөн соһуйбуккун, доҕотторун ситиһиилэрин, чугас дьоҥҥор сыһыаҥҥын хайдах баарынан үллэстэр сириҥ. Ол эйиэхэ эрэ буолбакка, биһиэхэ улахан дьоҥҥо эмиэ туһалаах уонна наадалаах.
Онтон ый бүтэһик нэдиэлэтигэр эн «Бэлэм буол» диэн 44 балаһалаах сурунаал кээмэйинэн тахсар “Кэскил” хаһыат сыһыарыытын тутуоҕуҥ. «Бэлэм буол» бу ханнык да кэмҥэ сөп түбэһэр суолтатынан элбэх көлүөнэ кутун туттарбыт хаһыата. Ол иэйиитин оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр бэрсиэҕиҥ! Бу маны «Кэскил» хаһыаппыт омук быһыытынан Ийэ тылбыт, үгэспит ис кэрэтин маанылаан муспут, иҥэрбит тирэҕин кытта дьүөрэлиэҕиҥ!
Саҥа буруолуу сылдьар «Бэлэм буол» сурунаал Дьокуускай к. Бэчээт дьиэтин 1 этээһигэр кинигэ киоскатыгар «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын сурунаалларын «Юность Севера», «Колокольчик+», «Чуораанчык», «Кэскил» хаһыаты кытары атыыга турда. Сыаната да удамыр — 100 солк.
Онон кытаатыҥ, саҥа таһаарыыны мүччү тутумаҥ, кэскиллээх олоххо бэлэм буолуҥ!