Үс саха төрүөҕүн
Үйэлээх Дьоруойа
Сүөдэрбит барахсан,
Күн бүгүн тыыннааххын,
Албаннаах ааккынан
Ахтылла тураҕын!
Биһиги оскуолабытыгар Дьоруой сылыгар анаммыт тэрээһиннэр “Хорсунун иһин” уордьан кавалера, Чечняҕа бойобуой сорудаҕы толоро сылдьан сырдык тыына быстыбыт выпускникпыт В.В. Бурнашев кэриэһигэр сыллата ыытыллар “Кэккэнэн хаамыы уонна ырыа” көрүүтүттэн саҕаламмыта. Тэрээһини 8 кылаас үөрэнээччилэрэ Ф.К. Попов кылгас уонна чаҕылхай олоҕун туһунан уус- уран монтаһынан саҕалаабыттара.
Олунньу ый 23 күнүгэр ыытыллыбыт “ Аман өс” күрэҕэр Андрей Владимиров, 8 кылаас, Ф.К. Попов хорсун быһыытыгар анаммыт уус-уран айымньылары билиһиннэрэн, бары үөрэнээччилэри биир дойдулаах дьоруойбут туһунан айымньылары ааҕан, өйтөн үөрэтэн, ис хоһоонугар уруһуйдаан, оҥоһуктары да оҥорон, араас күрэстэргэ кыттыаҕыҥ диэн ыҥырбыта.
Сыл устата бары кылаастарга Дьоруой сылыгар анаммыт араас формалаах: дистанционнай, библиотечнай, мусуойунай кылаас чаастара былааннаахтык бардылар. Холобурга ылан биир кылааһы сырдаттахха, алтыстар (сал. Попова З.Г.) Ф.К. Попов туһунан уус-уран киинэни көрөн, викторинаҕа кыттан, Майаҕа пааматынньыгар тиийэ сылдьан, Майа мусуойугар экскурсиялаан, хаартыскаҕа түһэн, өргө диэри умнуллубат үтүө өйдөбүлү ыллылар.
Кулун тутар 25 күнүгэр гражданскай-патриотическай иитии хайысхатынан, оскуола мусуойун экскурсоводтара — 8 кылаас үөрэнээччилэрэ (кыл. сал. Елисеева М.Д., муз. педагог Макарова П.Т.) Дьокуускай куоракка «Россия — моя история» уонна Емельян Ярославскай аатынан кыраайы үөрэтэр мусуойдарга сылдьан элбэх саҥаны билэн-көрөн, астынан, үөрэн-көтөн кэлбиттэрэ.
Ф.К. Поповка анаммыт улуустааҕы култуура уонна спорт эстафетатыгар оҕолор көхтөөх кыттыыны ылбыттара. Ол курдук уус-уран оҥоһуктарга Галя Бурнашева,7 кылаас, «Улуу кыайыы монумена» диэн үлэтинэн лауреат, кэнсиэргэ 3-4 кылаас үөрэнээччилэрэ “Саллаакка сүгүрүйэн, Дьоруойга махтанан» хомуска дьүһүйүүнэн дипломант үрдүк аатынан бэлиэтэммиттэрэ.
Маны тэҥэ сыл устата оскуолабыт оҕолорун хуордара, ансаамбыллара, солистар (сал. Елисеева М.Д.) өрөспүүбүлүкэтээҕи, улуустааҕы Ф.К. Попов төрөөбүтэ 100 сылыгар анаммыт байыаннай-патриотическай ырыа куонкурустарыгар ситиһиилээхтик кытыннылар:
— өрөспүүбүлүкэтээҕи «Уол оҕо-норуот кэскилэ» куонкурус, 5-6 кылаас уолаттарын хуора 1 истиэпэннээх лауреат, Диодор Елисеев — 3 истиэпэннээх лауреат.
— өрөспүүбүлүкэтээҕи «Победный май» куонкурус, Нина Григорьева — 2 истиэпэннээх лауреат , Диодор Елисеев — 3 истиэпэннээх лауреат.
— өрөспүүбүлүкэтээҕи «Под салютом Великой Славы!» байыаннай ырыа уонна үҥкүү куонкурус-фестивала, 8 кылаас ансаамбыла — 2 истиэпэннээх лауреат, Диодор Елисеев — 3 истиэпэннээх дипломант.
— VII өрөспүүбүлүкэтээҕи патриотическай ырыа күрэҕэ, 3 кылаас хуора — 1 истиэпэннээх дипломант, 5-6 кылаас хуора — 2 истиэпэннээх дипломант, 8 кылаас хуора — 1 истиэпэннээх дипломант.
— улуустааҕы «Ыллаа–туой оҕо саас» ырыа куонкурса, 8 кылаас 1 истиэпэннээх дипломант, Диодор Елисеев — 2 истиэпэннээх дипломант.
Сыл биир кэрэ-бэлиэ тэрээһининэн балаҕан ыйын 29 күнүгэр «Дьоруой Сулуһа» эстэпиэтэ бэлиэтин туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолбута.
Үөрэнээччилэр бары Вася Герасимов (11 кыл.) хамаандатынан байыаннай таҥастаах кэккэлии туран, Догдоҥо оскуолатын дириэктэрин Захаров Андриан Аркадьевыһы, оҕо тэрилтэтин салайааччытын Сыромятникова Любовь Николаевнаны көрсүбүттэрэ.Тэрээһини 10 кылаас үөрэнээччилэрэ Маиза Романова, Алеша Оконешников Ф.К. Попов олоҕун, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр көрдөрбүт чаҕылхай хорсун быһыытын сырдатан кэпсээһинтэн саҕалаабыттара. Салгыы А.А. Захаров быйылгы эстэпиэтэ сыалын-соругун, киэҥ хабааннаахтык ыытыллыбытын бэлиэтээн, билиһиннэрэн туран, улуус үөрэҕириитин тэрилтэлэрин альбом-рапордарын уонна кубоктарын туттарбыта. Олохтоох оскуола дириэктэрэ Н.В. Бурнашева Табаҕа орто оскуолатыттан Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 25 учуутал уонна техүлэһит кыттыыны ылбыттарын туһунан сырдаппыта. Олор истэригэр фронтовик Андрей Васильевич Бурнашев Федор Кузьмиһы үөрэппит маҥнайгы учуутала уонна дьоруой бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Парасковья Кузьминична Табаҕа Лебедевтэрин кийиитэ буолалларын туһунан интэриэһинэй чахчыларга тохтообута. Наталья Вацлавовна салгыы бу тэрээһиҥҥэ анаан туруоруллубут баай матырыйааллаах экспозицияны, кинигэ быыстапкатын билиһиннэрбитэ. Линейка 6-7 кылаастар хуорунан толорууларыгар «Герой Попов туһунан ырыанан» өрө көтөҕүллүүлээхтик түмүктэммитэ.
Бу курдук оҕону патриот, Ийэ дойдуга бэриниилээх гражданин буола улаатарыгар иитэн таһаарыы кыһалҕата хаһааҥҥытааҕар да сытыырхайан турар кэмигэр Дьоруой сылыгар анаан ыытыллыбыт бары дьаһаллар,тэрээһиннэр үтүө эрэ өттүнэн сабыдыаллаах, туруоруммут сыалларын-соруктарын ситиһэн, инникитин патриотическай хайысхалаах үлэ улууспутугар өссө күүһүрэригэр олук буолуохтара диэн эрэнэбит.
П.Т. МАКАРОВА,
Р.А. Бурнашов аатынан орто уопсай үөрэхтээһин оскуолатын мусуойун салайааччыта.