Бүгүн Сиэнчиктиин астыахха рубрикаҕа биһиги түүр омуктар татардар уонна башкирдар национальнай бүлүүдэлэрин мүөттээх чак-чагы астыахпыт.
Биһиэхэ наада отой судургу састаап: бурдук, сымыыт, сода уонна туус.
Бастаан сымыыты кутабыт, онтон сода уонна туус эбэбит. Булкуйан баран, бурдугу сиидэлээн кутабыт. Тиэстэни остуолга ууран, бурдукка мэһийэбит. Ол кэннэ тиэстэни тэнитэн, сурааһыннары быһан, кыра гына кырбыыбыт уонна мас арыытыгар ыһаарылыыбыт. Хворост курдук түргэнник буһар. Буһан тахсыбытын кэннэ, чак-чакпыт үрдүгэр мүөт кутабыт. Чак-чакпыт олус хачырҕас уонна минньигэс буолар.
Боруобалаан көрөөрүҥ эрэ! Буһарарга олус судургу уонна түргэн буолар.
Минньигэс чак-чагынан чугас дьоҥҥутун күндүлээҥ!