“Кэскил” хаһыат алтынньы 26 күнүнээҕи нүөмэригэр “Үбүлүөйтэн үбүлүөйгэ”, “Эдэр драматург муннуга” рубрикалары сэргээн ааҕыҥ. Муома улууһун Улахан Чыыстай орто оскуолатын биир тарбахха баттанар үөрэнээччитэ Аяврина Слепцова, кылгас эрээри чаҕылхай олоҕун туһунан доҕотторун, учууталларын тэттик ахтыылара уонна кыысчаан бэйэтэ суруйбут остуоруйата бэчээттэннэ. Ону тэҥэ Дьокуускай куорат 3 №-дээх оскуолатын III “д” кылааһын үөрэнээччитэ Юлиана Григорьева “Битэмииннээх кыһыҥҥы салаатын” рецебэ, “Биһиккэ” Гавриил Иннокентьевич Адамов “Дьиэ кэргэн олоҕун тула сэһэн” матырыйаалыгар төрөппүттүүн сэһэргэһии, сүбэ-ама түһүлгэтин тэрийии туһунан хас биирдии ийэҕэ, аҕаҕа интэриэһинэй буолуоҕа. Маны сэргэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин 100 сылын көрсө устудьуоннар, оскуола үөрэнээччилэрэ “100 сылынан өрөспүүбүлүкэбит хайдах буолуой?” диэн санааларын үллэһиннилэр. “Арай биирдэ” рубрика өрүү киэҥ араҥа ааҕааччылаах, бу да сырыыга интэриэһинэй, киһини салыннарар кэпсээннэр киирдилэр.
Сэргээҥ, ааҕыҥ, суруттарыҥ!