Сотору кырыа кыһыммыт тиийэн кэлиэ. Cирбит кылбай маҥан хаарынан бүрүллүө. Э.К.Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Саша Сунхалырова, Алина Захарова кыһын туһунан айбыт хоһооннорун ааҕаргытыгар ыҥырабыт.
Маҥан хаар.
Маҥан,намыын хаар түстэ,
Дэриэбинэбин
көбүөр курдук бүрүйдэ,
Куобах түүтүн санатан
Тулам барыта муус маҥан.
Хаар түстэ, хаар түстэ,
Сылаас күннэри үтүрүйдэ,
Сибиэһэй, тымныы салгын
Биһигини кууста.
Сахам сиригэр хаар түстэ,
Кырыа кыһын бастакы илдьитэ,
Оҕо-аймаҕы үөрүү кууста
Хаар киһи оҥорон,
Хаарынан бырахсан,
Оҕо саас дьолун биллибит.
Алина Захарова.
Маҥнайгы хаар
Хаар….маҥнайгы хаар,
Үп-үрүҥ көбүөр курдук
Сири-дойдуну бүрүйдэ.
Хаар….маҥнайгы хаар
Сип-сибиэһэй, ыраас салгынынан
саба биэрдэ.
Тулабыт барыта
Эргиччи сырдаата.
Оҕо-аймах
Сыыртан сырылыы,
Хайыһардыы сүүрдэ.
Саша Сунхалырова.
Кырыа кыһын
Кырыа кыһын
тиийэн кэллэ.
Маҥан хаар үллүктээтэ.
Мааны мас
Хаар саҕынньаҕын бүрүннэ,
Тыйыс тымныы
Туоһута буолла.
Саша Сунхалырова.
Салайааччы: Ефимова В.К.