Роман Иванович Брызгалов сэбиэскэй-партийнай үлэһит, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, бойобуой офицер, өрөспүүбүлүкэтээҕи профессиональнай-техническэй үөрэхтээһин управлениетын бастакы начаалынньыга, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин түөрт Ыҥырыытын дьокутаата, Кыһыл Сулус уонна Үлэ Кыһыл Знамята уордьаннар кавалердара, Мэҥэ Хаҥалас уонна Өймөкөөн оройуоннарын Бочуоттаах гражданина.
Роман Брызгалов норуокка биллэр Абытай диэн аата кини үлэһитин, хорсун сэрииһитин уонна улахан булчутун кытары сибэстээх. Аллар атаһа норуоднай поэт Күннүк Уурастыырап ыраах 1936 с суруйбут «Лоокууттуун кэпсэтии» диэн хоһоонугар кинини киллэрбитэ:
Абытай Арамаан атаһым
Абалаах күөлүгэр сааланыа
Арҕааҥы тураҥнаах атахтан
Алталыы халбаны хаптатыа.
Брызгалов Роман Иванович төрөөбүтэ 110 сылыгар анаан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Матрёна Васильевна Иванова суруйбут «Махталбытын этэбит» хоһоонунан композициятын аахтылар Мэнэ Хаҥалас улууһун Тараҕай нэһилиэгин Оҕо искусствотын оскуолатын «Дьүһүйүү» театральнай образцовай кэлэктиибин үөрэнээччилэрэ. Салайааччы Саха Өрөспүүбүлүкэтин Култууратын туйгуна Маргарита Белолюбская. Бу айымньыны истэргитигэр ыҥырабыт.