Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Чөркөөх орто оскуолатыгар «Суорун Омоллоон дьолун тааһа» диэн сүрдээх кэскиллээх хамсааһын үлэлиир. Бырайыак ааптара — П.А. Ойуунускай аатынан Чөркөөх орто оскуолатын учуутала Феврония Егоровна Баева. Манна үөрэнээччилэр Суорун Омоллоон алмаас таас кэриэтэ күлүмүрдүүр дэгиттэр талаанын үөрэтэллэр, ырыталлар, киһи буолан үүнэн-үрдээн тахсалларыгар туһаналлар.
Чөркөөх орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ Владик Дмитриев 4 кылааска үөрэнэ сылдьан суруйбут «Суорун Омоллоон киһи дьолун төрдө — үлэ» диэн суруйааччы дьикти талаанын чинчийэн турар. Ол үлэтэ «Чуораанчык» сурунаал «Суорун Омоллоон 9 олуга» диэн анал таһаарыытыгар бэчээттэннэ. Маны таһынан биһиги саайпытыгар эмиэ тахсан турар.
Бу бэлиэ күн Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон төрөөбүтэ 115 сылыгар аналлаах Чөркөөххө ыытыллыбыт үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ номнуо сиппит-хоппут уол Влад Дмитриев эмиэ кыттыыны ылла. Бэйэтин тус санаатын эттэ, оттон кэскиллэр — «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын сүрүн эрэдээктэрэ Татьяна Жиркова уонна «Чуораанчык» сурунаал эппиэттиир сэкирэтээрэ Сардаана Матвеева «Олоххор туох идэтин таллыҥ? Уонна «Дьол тааһа» диэн өйдөбүл бу алта сыл ааспытын кэннэ төһө уларыйда?» диэн ыйытыыларыгар, Влад маннык диэн хоруйдаата: «Инники олохпун инженер идэтин кытары сибээстээн көрөбүн. Онтон идэни баһылааһыҥҥа, дьол тааһа диэн өйдөбүл тус бэйэбэр бу сыллар тухары уларыйбата. Хас биирдии киһи талааннаах. Ол талааны сайыннарарга киһи бэйэтэ үлэлиэхтээх дии саныыбын».
Онон Влад эппитин курдук, киһи олоҕо, киһи талаана Суорун Омоллоон «Дьолун тааһын» кытары дьүөрэлии: олоххут бэйэҕит илиигитигэр, хас биирдии киһи дьолун тааһын бэйэтэ булар уонна тобулар.
Суруйда Анна СЛЕПЦОВА.