Бүгүн Бэрдьигэстээххэ эвакуационнай пууҥҥа олорор дьоҥҥо бородууктанан көмөнү Саха сирин архиепискоба Роман уонна «Милосердие 14» православнай көмө сулууспатын салайааччыта Анжелика Тупицына аҕаллылар, кинилэр кырачаан оҕолору кытары көрсөн кэпсэттилэр.
Владыка баһаар буола турарыттан олус долгуйалларын, Таҥара дьиэтигэр сулууспа барарын, ардах эрэ баһаардары тохтотуо диэн бэйэтин санаатын эттэ.
Эвакопууҥҥа баар оҕолор кинини кытта олус интэриэһиргээн кэпсэттилэр, аҕалбыт минньигэстэрин астына сиэтилэр.
Кырачааннар «Таҥараны кытта хайдах сибээстэһэҕин?», «Кини дьүһүнэ хайдаҕый?», «Баҕа санааны барытын толорор дуо?», «Баһаар тоҕо буолла?» диэн киһини эрэ толкуйдатар ыйытыылары биэрдилэр. Кинилэр архиепископка «Дьыссааппыт, хата, умайбатах» диэн сэмээр үөрүүлэрин эмиэ үллэһиннилэр.
Роман Владыка бу бастакы көмөбүт, аны биир ыйынан эмиэ кэлиэхпит диэн эттэ. Ону таһынан, Атамайга дьиэтэ уокка былдьаммыт соҕотох олорор эр киһиэхэ саҥа дьиэлэннэҕинэ, бытовой техникатын, миэбэл атыылаһарыгар көмөлүөхтээхтээхтэрин, билигин олохтоох дьаһалтаны кытта үлэ ыыталларын кэпсээтэ.
Бу туһунан Горнай улууһун «Үлэ күүһэ» хаһыат иһитиннэрэр.