Тамалакаан орто оскуолата аграрнай хайысхалаах оскуола буолан араас культурнай үүнээйилэри олордон боруобалыыр. Ол курдук иккис сылын огурдыня диэн оҕуруот аһын теплицаҕа үүннэрэбит. Салайааччыбыт биолог учуутал Маргарита Ивановна Иванова.
Огурдыня — оҕурсуу уонна дыня холбоспута буолар. Оҕурсуу курдук уһун үүнээйи. Сэбирдэҕэ дыня киэнин курдук, аһылыга төгүрүк, 15 см диаметрдаах, ыйааһына 1 киилэ кэриҥэ. Бастаан ситэ илигинэ оҕурсуу курдук от күөх өҥнөөх, онтон ситтэҕинэ араҕас (саһархай) буолар.
Тымныыны тулуйар, хойукка дылы аһын биэрэр. Ууну нэдиэлэҕэ биирдэ кутуохха сөп. Саас муус устарга олордоҕун, икки ыйынан аһылыгын тото–хана сиэтэр. Амтана оҕурсууга майгынныыр, ситтэҕинэ дыня курдук минньийэр.Оччоҕуна теплица иһэ дыня сытынан дыргыйар.
Ордук табыгастаах суортарынан буолаллар: «Физано», «Мандурия», «Грин», «Драгон F1». Сайын устата биир уктан 8-10 устууканы ылыахха сөп. Бу курдук биһиги салайааччыбытын кытта туох эрэ дьиктини, кэрэни наар көрдүүбүт.
Кыһын чинчийбит үлэбитинэн араас научнай хабааннаах тэрээһиннэргэ кыттарбытын сөбүлүүбүт.
Сандаара ФЕДОРОВА,
Тамалакаан орто оскуолатын 9 кылаас үөрэнээччитэ.
Хаартыскаҕа: чинчийээччи Гульнара МУКМИНОВА, 11 кылаас үөрэнээччитэ .