Кустуур орто оскуолатын оҕолоро сайын аайы дьоннорун кытары таба ыстаадатыгар баран сайылыыллар. Бу сырыыга оҕолор ыам ыйын саҥатыттан ыстаадаҕа төрөппүттэрин кытары хаар өссө да тоҥ сыттаҕына «Буран» көлөнөн айаннаабыттара. Хоту сир оҕолоро бука кыраларыттан айылҕаҕа сыстаҕастар, ол да иһин түөрт ый тухары киэҥ нэлэмэн туундараҕа төрөппүттэригэр көмөлөһөн таба ыстаадатыгар үлэлииллэр, сир астыыллар, эт-хаан өттүнэн төгүрүччү сайдаллар, ыраас, чэбдик салгыҥҥа дуоһуйа сынньаналлар.
Биллэрин курдук, 90-с сылларга сопхуостар урусхаллыыларын саҕана, Кустуур нэһилиэгэр 7-8 тыһ. таба төбөлөөх отделениялар эстибиттэрэ. Онтон билиҥҥитэ таба иитиитэ нэһилиэккэ сөргүтүллэн, хайыы-үйэ үс таба ыстаадата «Турукан», «Кочевник-1», «Кочевник-2» үлэлиир. Манна даҕатан эттэххэ, «Кочевник» 2 №-дээх ыстаадатыгар аҥардас эдэр ыччат сылдьар. «Турукан» таба ыстаадата бу 90-с сыллартан, бэйэтин киэбин сүтэрбэккэ, төрүт дьарыгы илдьэ кэлбит хаһаайыстыба буолар. Салайааччыта — урбаанньыт Раиса Николаевна Горохова. Онтон бу икки «Кочевник» 1 уонна 2 №-дээх ыстаадалары Кустуур орто оскуолатын бүтэрбит ыччат Альберт Александрович Колесов салайар. Кини аан маҥнай саҕалыырыгар, 2012 с. ыаллыы сытар Булун оройуонуттан табалары аҕалан, өбүгэлэрин илдьэ кэлбит дьарыктарын сөргүтэн, эдэр ыччаты таба иитиитигэр уһуйа сылдьар. Биригэдиир-настаабынньыгынан Альберт Владимирович Колесов ыччакка ыйан-кэрдэн, бэйэтин уопутун көрдөрө сылдьар.
Билиҥҥитэ бу 3000-тан тахса табалаах үс ыстаадаҕа 18 оҕо дьоннорун кытары сылдьыһаллар. И.Н.Слепцов аатынан Кустуур орто оскуолатын агро үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы Валентина Николаевна Колесова кэпсиир:
— 2017 сыллаахха биһиги оскуолабыт үбүлүөйүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ аан маҥнайгытын табаһыт оҕолор бастакы сүлүөттэрин тэрийэн ыыппыппыт. Олус улахан уонна бэрт тэрээһин буолан ааспыта. Ол онно оҕолорбут олус талааннаахтарын, дьоҕурдаахтарын өссө биирдэ дакаастаан туран көрдөрбүттэрэ. Онтон эһиилигэр, 2018 с., оройуон баһылыга уурааҕынан, биһиги оскуолабыт көһө сылдьар (кочевой) оскуола статуһун бигэргэтэн туран ылыммыта. Оскуолабыт ситиһиитэ манан эрэ муҥурдаммат. Быйыл күһүн аан дойдутааҕы форумҥа «Үлэнэн үөрэтии» диэн аакка тиксэн 1 миэстэни ылбыппыт. 2018 с. «Арассыыйа 500 бастыҥ оскуолата» ахсаанын иһигэр, 2019 с. «Арассыыйа 100 бастыҥ оскуолата» ахсааныгар, агро оскуола быһыытынан «Тыа оскуолаларын энциклопедиятыгар» киирэ сылдьабыт. Уопсайынан, агро хайысханан биһиги оскуолабыт күүскэ тахсыбыта.
Хомойуох иһин, бу 2021 сыл биһиэхэ сүрдээх хоромньулаах уонна хомолтолоох дьылынан буолла, ол курдук үүммүт сыл саҥатыгар оскуолабыт олоччу турбутунан умайан хаалла. Оҕолор бу үөрэх дьылыгар үс сиринэн хайдан үөрэммиттэрэ. Дьиҥэ, биһиги оскуолабыт федеральнай таһымнаах оскуола, билиҥҥитэ саҥа оскуола дьиэтэ хаһан тутуллара биллибэккэ сылдьар.
Биһиги аан дойдутааҕы форумҥа кыттарбыт саҕана, кыттааччылар көһө сылдьар оскуоланы, лааҕыры олус интэриэһиргээбиттэрэ, тас дойдуттан да кэлэн көрөн-истэн барыа этибит диэн баҕа санааларын эппиттэрэ. Онон биһиги оскуолабыт үлэтэ тас дойду олохтоохторугар улахан сэҥээриини уонна биһирэбили ылбыта.
Кустуур нэһилиэгэ Эбээн Бытантай улууһун кииниттэн Саккырыыртан 100-тэн тахса км ыраах сытар. Олохтоох киһитин ахсаана 700-тэн тахса. Оскуолаҕа үөрэнэр оҕотун ахсаана — 106.
Аҕыйах ахсааннаах норуоттар аан дойдутааҕы күннэрин көрсө эбээн норуотун төрүт дьарыга таба иитиитигэр үлэлиир, онно ыччаты уһуйар, сыратын уурар Кустуур нэһилиэгин олохтоохторугар барҕа махталбытын биллэрэбит уонна эҕэрдэбитин тиэрдэбит. Кырдьык, оскуола — бу нэһилиэк тэбэр сүрэҕэ буолар. Онон Кустуурга сотору кэминэн саҥа оскуола дьиэтэ дьэндэйиэ диэн баҕа санаабытын этэбит уонна бу кыһалҕалаах боппуруос болҕомтоҕо ууруллан бириэмэтигэр, уһаабакка быһаарыллыа этэ диэн эрэнэ хаалабыт.
Суруйда Анна СЛЕПЦОВА.