Икки күн устата барбыт ХХI Манчаары оонньууларын ох саанан ытыыга муҥутуур кыайыылаах иһин 135 спортсмен кытынна. Иккис күҥҥэ 17 кыттааччы хаалан, меценат Василий Николаев туруорбут массыына бирииһин иһин тыҥааһыннаах киирсии буолла. Бу ытыыларга эр дьон, дьахталлар, оҕолор бары күрэхтэстилэр. Финал түмүгүнэн XXI Манчаары оонньууларын муҥутуур кыайыылааҕынан Чурапчыттан Дария Фомина ааттанна.
Дария Фомина, XXI Манчаары оонньууларыгар ох саанан ытыыга муҥутуур кыайыылааҕа:
— Бэҕэһээҥҥи күрэхтэһиигэ дьахталларга кыайыылаах буолбутум. Бүгүн кыайыам диэн улаханнык эрэммэтэҕим. Холкутук ыттым. Кэргэним алҕаабыта. Тренербэр уонна миэхэ ыалдьыбыт, күүс-көмө буолбут дьоҥҥо барҕа махталбын тиэрдэбин. Хотоммун массыына ылбыппын өссө да итэҕэйбэккэ турабын.
Василий Николаев, СӨ ох саанан ытыыга федерациятын бэрэссэдээтэлэ, «Талакан» хампаанньалар бөлөхтөрүн салайааччыта:
— Саха сиригэр ох саанан ытыы успуорда сайдар, олимпиада чыпчаалыгар тахсар ис кыаҕа толору баар дии саныыбын. Холобурун эттэххэ, биир дойдулаахпыт Кристина Тимофеева -Устинова олимпиадаҕа баран ситиһиилээхтик кыттыыта да элбэҕи этэр. Манчаары оонньуутун ох саанан ытыыга муҥутуур кыайыылааҕар массыына бирииһи туруоруум сүрүнэ — ыччаттарга, спортсменнарга бу успуорт көрүҥүн көҕүлүүр сыалтан оҥоһулунна. Инникитин бу көрүҥ сөпкө сыаналанан, хас улуус, нэһилиэк ахсын ох саанан ытыы куруоһуоктара тэриллэллэригэр, сайдалларыгар үлэлэһиэхпит.
«Үлэ күүһэ» хаһыат иһитиннэрэр,
Горнай улууһа.