Илим үтэн, күөгүлээн,
Сорох тууну быраҕан,
Көмүс күндү бэлэхтээх
Турбаахыттан кэллибит.
«Экос» лааҕыр оҕолоро саамай күндү, биһигини иитэн-аһатан олорор Турбаахы Эбэбитигэр балыктаатыбыт. Балыктыыр тэрили уонна таҥаһы сабы бэлэмнэнэн учууталларбытын кытта сэттэ буолан барбыппыт.
Эбэбит налыйан чуумпутук көрсүбүтэ. Орто харахтаах илими түһэрэн баран 2-3 чааһынан көрбүппүт. Кэтэһэ таарыйа лупанан гидробионнары – уу олохтоохторун үөрэппиппит.
Сотору кэминэн Эбэбит көмүс хатырыктааҕынан күндүлээбитэ, барыта икки сүүстэн тахса түөрт араас балык баара – күстэх, кыһыл харах, алыһар уонна сордоҥ. Балыктарбыт арааһын уонна кээмэйдэрин үөрэттибит.
Илим үтэргэ үөрэнэн, тыынан устан, чэбдик ыраас Эбэ салгыныгар бултуйан үөрэн-көтөн кэллибит.
Костя СКРЯБИН, 9 кыл. үөрэнээччитэ, «Никлеус» пост,
Кэбээйи орто оскуолата.