Yөhээ Бүлүү улууhун Дүллүкү орто оскуолатын 2020-2021 үөрэх сылыгар 14 оҕо үөрэнэн бүтэрэр. Кылаас салайааччыта – Степанова Наталья Матвеевна. Оҕолор үөрэнэр сылларыгар олимпиадаларга, научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ, спортивнай күрэхтэргэ, араас тэрээhиннэргэ кыттан, билигин 11 сыллаах үөрэхтэрин түмүктээн, БКЭ туттаран бүттүлэр. Биhиги кинилэртэн оскуолатааҕы сылларын, оҕо саастарын умнуллубат кэмнэрин туhунан ыйыталастыбыт.
Биhиги 2010 сыллаахха Дүллүкү орто оскуолатын I кылааhыгар үөрэнэ киирбиппит. Алын кылааска үөрэнэ сырыттахпытына, Зоя Ивановна олоҥхоттон быhа тардан үөрэппитэ. Ол олоҥхобутунан хас да күрэххэ кыттан миэстэлэhэн олус үөрэрбитин өйдүүбүн. Билигин да олоҥхом тыла өйбөр баар. Онтон да атын араас тэрээhиннэргэ көхтөөхтүк кыттааччыбыт.
VIII-с кылааска үөрэнэ сылдьан, улуус бибилэтиэкэтин тэрээhинигэр саха норуодунай поэта С.Т. Руфов айымньыларын ааҕыыга кыттыбыппын умнубаппын. Мин ааптар оруолун толорбутум, бастааммыт, сүрүн бирииhи ылбыппыт. Yрдүкү кылааска тахсан баран, НПК-ларга кыттар буолбутум.
Кылааhым оҕолорун кытта улуустар уонна Дьокуускай бэлиэ миэстэлэринэн, үөрэх тэрилтэлэринэн сылдьыбыппыт биир туспа кэпсээн.
V кылаастан оскуолабар эдэр кэрэспэдьиэннэр куруhуоктарыгар дьарыктаммытым. Оскуолабытыгар буолар тэрээhиннэри хаартыскаҕа үйэтитэн, хаhыат таhаарыытыгар кыттан, кэлин эдкорпост инстаграм аккаунун үлэлэтэн кэллим. Ньурбаҕа буолбут эдкордар сүлүөттэригэр кыттан, элбэҕи билбитим-көрбүтүм биир умнуллубат күннэрбинэн буолаллар.
Валентин Струкин.
Ханнык баҕарар киhиэхэ бастакы учуутала, үөрэммит оскуолата инники олоҕор ураты суолталаах дииллэр. Миэхэ эмиэ оскуолам, үөрэҕим инники миэстэҕэ турар. Бастакы учууталбыт түөрт сылы быhа үөрэтэн кэлбит Зоя Ивановнабыт буолар.
Онтон бары бииргэ V-с кылааhы атыллаабыппыт. V-IX кылаастарга Дьулустаан Спиридонович салайан илдьэ сылдьыбыта, бу кэмҥэ элбэх бэлиэ түгэн буолан ааспыта. Онтон биирдэстэрэ кылааhынан Сунтаар Устьетыгар сынньанар сиргэ барыыбыт буолар. Дьэ, онтон СГЭ туттаран умнуллубат X кылааска үктэнэрбитигэр кылааспыт салайааччыта Наталья Матвеевна Степанова буолбута. Бу кылгас кэмҥэ кини биhиэхэ үтүө түгэннэри бэлэхтээн, биhигини улахан олоххо атаараары сылдьар.
Мин оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар спордунан утумнаахтык дьарыктанным. Чэпчэки атлетикаҕа улууска да, өрөспүүбүлүкэҕэ да ситиhиим үгүс.
Ити курдук үөрэнэн оскуоланы бүтэрдибит. Учууталларбытыгар 11 сыл тухары иитэн, үөрэтэн таhаарбыттарыгар махтанабыт.
Петр Семенов.
Бастакы кылааска киирэрбэр сибэкки дьөрбөтүн тутан, мааны таҥастаах оскуолаҕа кэлбиппин, чуораан тыаhатан киирбиппин өйдүүбүн. Маҥнайгы учууталбыт Зоя Ивановна үөрэ-көтө көрсүбүтэ. Олус элбэх билиини-көрүүнү биэрбитэ. Кылааhым оҕолорун кытта оонньоон-көрүлээн, ардыгар этиhэн-охсуhан кэриэтэ сылдьыбыппыт. Учууталбытын кытта айылҕаҕа сылдьарбытын сүбүлүүрбүт. Зоя Ивановна үөрэ-көтө илдьэ барааччы.
Бириэмэ олус түргэнник ааhар эбит. Бу сыллар тухары кылааhым оҕолорун кытта бииргэ төрөөбүт дьон кэриэтэ буоллубут. X кылааска Наталья Матвеевна кылаас салайааччыта буолан, үөрэхпитигэр эрэ буолбакка, олоххо сыhыаннаах элбэх түгэннэргэ үөрэттэ. Кини куруук дьоҥҥо үтүөнү оҥорор, баҕарар, ол курдук биhиэхэ эмиэ оннук диэн сүбэлии-амалыы сылдьар. 11 сыл тухары үөрэппит учууталларбар олус диэн махтанабын уонна ис сүрэхтэн уостубат тапталбын этэбин.
Влад Чоросов.
Бастакы кылааска киирэрбитигэр 23 этибит. Оскуола тиэргэнигэр үөрүүлээх бырааһынньык буолбута. Онно биhиги бары кыракый лыҥкынас чуораанчыгы тыаhаппыппыт. Учууталбыт Зоя Ивановна маҥнайгы уруокка киирбиппитигэр уруhуйдаппытын өйдүүбүн. Сыл аайы саас Пионер күнүгэр айылҕаҕа тахсан «Зарница» оонньуурбут олус үчүгэй, көхтөөх буолааччы. Билигин оскуолабытын 14 буолан бүтэрээри сылдьабыт.
Наум Данилов.
Оскуола киhи олоҕор саамай умнуллубат оҕо, эдэр саас кэрэ кэрдииһэ буолар. Биhиги 11 сыл тухары биир дьиэ кэргэн курдук тэбис-тэҥҥэ алтыhан кэллибит.
Мин кылааhым оҕолорун кытта билбитим доҕордоhуу, бэйэ-бэйэни убаастаhыы диэн тугун. Бу оҕо саас кэрэ кэмнэрэ буолаллар. Ол эрээри оҕолору эрэ кытта буолбакка, учууталлары, ийэбит тэҥэ дьону кытта, чугастык алтыһан улааттыбыт. Кинилэр билиигэ-көрүүгэ тардыhарбытыгар улахан сабыдыаллаах күндү дьоммут буолаллар.
Маҥнайгы учууталым Зоя Ивановна үөрэтэрин күн бүгүнүгэр диэри күндүтүк саныыбын. Кини биhиэхэ үөрэх-билии аартыгын аан маҥнай арыйбыт киhибит буолар. Учуутал – олус эппиэтинэстээх идэ.
Эдуард Чоросов.
Умнуом суоҕа
Оскуолаттан тэйээри олорон,
Санаан кэллим билигин
Оҕо сааhым кэрэ кэмэ
Түргэнник да ааспытын.
Өйдүүбүн мин барытын:
Маҥнайгы кылааска киирбиппин,
Сибэкки дьөрбөтүн туттаран,
Ийэм сиэтэн аҕалбытын.
Чыыһыланы, ахсааны билэммин,
Ботуччу суоттуур буоллум.
Ааҕарга-суруйарга үөрэнэн,
Хоhоон тылын тиhэбин.
Умнуом суоҕа хаһан да
Оскуолам кэрэ кэмнэрин,
Сүрэхпэр мин хатыаҕым
Доҕотторбун, Учууталларбын.
Анатолий Григорьев
Сэттэ сааспын туоламмын, күн-күбэй ийэбиниин сибэкки тутуурдаах оскуола боруогун атыллаабытым. Маҥнайгы учууталбар Зоя Ивановнаҕа махталым муҥура суох.
Быйыл оскуоланы бүтэрэн олох киэҥ аартыгар үктэнэр бэлиэ сылбыт. Кылааспыт салайааччыта Наталья Матвеевна биhигини наар өйдүүр, өйүүр, оҕону кытта оҕо буолан хаалар. Биhиги эмиэ улахан дьон быhыытынан киниэхэ эмиэ оннук сыһыаннаһа сатыыбыт. Оскуолатааҕы кэмнэрбит уонна хаhан да хатыламматтар. Куруук ахта-саныы сылдьыахпыт.
Оскуолабын бүтэрэн, дьоммуттан тэйэн, билбэт-көрбөт сирбэр тиийэн, атын дьону-сэргэни кытта көрсөрбүттэн долгуйабын.
Эдуард Дорофеев.
Уон биир сылы быhа оскуолаҕа үөрэнэн ылбыт билиибит инники олохпутугар олук уурар дии саныыбын. Мин нуучча тылын уруогар сөбүлээн дьарыктанным. Учууталым -Yүйэ Семеновна Петрова.
Марина Перевалова.
Учуутал – билиини биэрээччи, инникигэ сирдээччи. Бастакы учууталбыт Зоя Ивановна элбэх билиини биэрбитэ. Араас тэрээhиннэргэ кытыннарара. Ардыгар учууталбытын кыыhырдар да түбэлтэбит баара. Ол эрээри кини биhигини куруук өйдүүр, көмөлөhөр этэ.
IX кылааска үөрэнэ сылдьан учууталбыт Наталья Матвеевнаны кытта Дьокуускайга араас үөрэх тэрилтэлэригэр сылдьан, ханнык идэҕэ, ханна үөрэниэххэ сөбүн туhунан элбэҕи билэн-көрөн кэлбиппит олус интэриэhинэй этэ.
Валенсия Егорова.
Хас биирдии учуутал, оскуолатааҕы кэм үөрэнээччигэ умнуллубат бэлиэни хаалларар дии саныыбын. Наталья Матвеевна биhиэхэ кылаас салайааччыта буолбутуттан бары олус үөрбүппүт.
Оҕо сааhым биир кэрэ түгэнинэн “Кэскил” редакциятын путёвкатынан Бүтүн Россиятааҕы “Океан” лааҕырга баран сынньанан кэлиим буолар. Араас омук оҕолоро мустан, 20 күнү быhа тэрээhиннэргэ кыттан, эбии дьарыктарга сылдьан, бодоруhан, умнуллубат күннэр ааспыттара. “Океантан” грамоталаах кэлбиппиттэн олус астыммытым. Ол эстафетаҕа биhиги этэрээппит хамаандата 2-с миэстэни ылбытыгар этэ. Умнуллубат түгэни бэлэхтээбит “Кэскил” редакциятыгар махтанабын!
Анна Сыркашева.
Дьоһун дьон буолуҥ
Дүллүкү оскуолатыгар үлэлиэхпиттэн быйыл оскуоланы бүтэрээччилэр бэһис выпуһум буолар. 2010-2011 үөрэх сылыгар балаҕан ый бастакы күнүгэр 19 оҕо сиэттиспитинэн оскуола боруогун аан бастаан атыллаан, үөрэнэ киирбиттэрэ. 6 кыыс уонна 13 уол этилэр. Бу оҕолор иннинэ “Уолан” кылаас уолаттарын үөрэппитим. Онон бу сырыыга эмиэ уолаттара элбэхтэриттэн үөрбүтүм. Сүрдээх актыыбынай, талааннаах, үөрэххэ тардыһыылаах оҕолор этилэр. Араас олимпиадаларга, күрэхтэргэ бириистээх миэстэлэргэ тиксээччилэр. Төрөппүттэр өттүлэриттэн кылаас салайааччытын үлэтигэр көмө, өйөбүл мэлдьи оҥоһуллара. Оҕолорум олоххо суолларын эрэллээхтик булан, дьоһун дьон буолалларыгар баҕарабын!
Зоя Ивановна,
маҥнайгы учуутал.
Эhигинниин доҕордоспуппуттан үөрэбин
Быйыл XI кылааһы түмүктээн, 9 уолу, 5 кыыһы олох киэҥ суолугар атаартаан эрэбин. Оҕолорбун кытары икки сыл чугастык алтыһан кылаас салайааччытынан үлэлээтим. Урут алын кылааска үɵрэнэ сырыттахтарына, оскуолабыт тэрээһиннэригэр алтыһан, орто сүһүɵххэ уруһуй учууталынан ананан үлэлии сылдьан, бэйэ-бэйэлэригэр ураты истиң сыһыаннарын, араас интэриэстээхтэрин бэлиэтии кɵрɵрүм.
Оҕолорбун кытта дьыл араас кэмигэр айылҕаҕа тахсан, кутаа тула олорон, билэр-билбэт ырыаларбытын ыллаан, араас кистэлэңнэри билэн, талааннары арыйан кэллибит. Кылааһынан бастакы кыайыыбыт “Зарница” байыаннай-спортивнай оонньууга этэ. Онно тɵрɵппүттэри кытары биир хамаанда буолбутум. Онтон ыла биир санаанан сүбэлэһэн, ɵйдɵһɵн кэллибит, иитэр үлэбэр олус улаханнык ɵйɵɵтүлэр, кɵмɵ-тирэх буоллулар.
Улахан оҕолор интэриэстэрин табан, аттыгар илдьэ сылдьар олус уустук, эппиэтинэстээх. Ардыгар үɵрэхпит кыайтарбата эмиэ баар суол. Манна предметник учууталларбыт кɵмɵлɵрүн үрдүктүк сыаналаан, оҕолорум ааттарыттан махтанабын! Бу икки сыл кылаас салайааччытынан үлэлээн, эһигинниин доҕордоспуппуттан үɵрэбин, инники олоххутугар табыллыыны, ситиһиини, сиэрдээх буолууну баҕарабын!
Наталья Матвеевна,
кылаас салайааччыта.
“Эрчим” эдкорпост,
Yөhээ Бүлүү, Дүллүкү орто оскуолата.