Иван Николаевич Винокуров, саха норуотун биир чулуу уола, 1924-25 сс. САССР народнай комиссардарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн, ССРС Киин ситэриилээх кэмитиэтигэр САССР бэрэстэбиитэлинэн үлэлээбитэ. Биир дойдулаахтарын туһунан матырыйаалы Арыылаах орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ Айта Сивцева, салайааччыта Виктория Никоновна Дагданча бэлэмнээтилэр.
Иван Николаевич Винокуров Дьокуускайдааҕы 2 кылаастаах училищены, Дьокуускайдааҕы духуобунай семинарияны, Казань куораттааҕы духуобунай Академияны, Москватааҕы атыы-эргиэн Академиятын бүтэрбитэ.
Үлэтин Самаратааҕы губерния биир оскуолатын учууталынан саҕалаабыта. Салгыы бу губерния үөрэҕин отделын сэбиэдиссийигэр, үөрэх үлэһиттэрин Сойууһун бэрэссэдээтэлигэр тиийэ үүммүтэ.
1923 с. Саха сиригэр төннөн, САССР үөрэҕирии уонна доруобуйа харыстабылын народнай комиссариатын бэрэссэдээтэлинэн анаммыта. 1924-1925 гг. — САССР народнай комиссардарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ.
1925 сыл сайыныгар РСФСР ВЦИК Президиумугар САССР бэрэстэбиитэлинэн анаммыта. Москваҕа үлэлии сылдьан, РСФСР Экономическай сэбиэтин уонна РСФСР ВЦИК Конституционнай хамыыһыйатын чилиэнэ этэ. Бу дуоһунастарга сылдьан, автономнай өрөспүүбүлүкэлэр национальнай конституцияларын бырайыагын оҥорорго көхтөөхтүк кыттан, Саха сирэ сөптөөх таһымҥа тахсарыгар бэйэтин сүҥкэн кылаатын киллэрбитэ.