Муус устар 10-11 куннэригэр Һээмэҥҥэ, Моотто Арыытыгар («Кочевник» ыстаадаҕа) табаһыт оҕолор II сүлүөттэрэ буолан ааста. Бу күрэххэ Булун улууһун Бороҕон агрооскуолата уонна Эбээн Бытантай улууһун Кустуур агрооскуолата, ону таһынан Саккырыыр орто оскуолатын оҕолоро илин-кэлин түһүстүлэр. Бороҕон орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ Айна Тимофеева, 8 кылааһын үөрэнээччитэ Алеся Кривошеева суруйаллар.
Моотто арыытыгар табалар тамайа сиэллилэр
Биһиги оскуола хамаандатын дириэктэрбит Жанна Прокопьевна Осипова салайан илдьэ сырытта. Уопсайа күрэххэ 25 оҕо кыттан, саастыылаахтарын кытта билсиһэн, курэстэһэн, үөрүүлэрэ үксээтэ. Оҕолор уучаҕынан, сыарҕанан сүүрдүүгэ, маамыкта быраҕыытыгар, комбинированнай эстафетаҕа курэхтэстилэр. Табаһыт оҕолор туох баар сатабылларын, билиилэрин-көрүүлэрин ууран туран илин–кэлин түһүстүлэр. Ол түмүгэр биһиги оҕолорбут Андрей Стручков (9кылаас), Сааскылаана Слепцова (9кылаас), Алеся Кривошеева (8 кылаас), Айна Тимофеева (7 кылаас), Тимур Колесов (3 кылаас), Сайаана Осипова (3 кылаас) бэрт кичэллээхтик, турунуулаахтык , сыаллаах- соруктаах кыттан, астынан –дуоһуйан кэллилэр. Хас биирдии оҕо анал туспа бирииһи ылан, үөрдүлэр-көттүлэр. Оҕолорбут төһө да ыраах айаны айаннааталлар, бэйэлэрэ бэлэмнээбит кыракый нуомэрдэрин толордулар: Сайаана, Тимур ырыалара Моотто арыытыгар дуораһыйда, дьыссаат иитиллээччитэ Алиана Колесова толорбут «Тугутун үҥкүүтэ» табаһыттар сүрэхтэрин долгутта. Алесалаах Сааскылаана толорбут «Сааскы сарыаллар» үҥкүүлэрэ, Сааскылаана бэйэтэ толорбут «Табатын үҥкүүтэ» көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылыан ыллылар. Оҕолорбут таба иитиитигэр сыстаҕастара, сатабыллара көрөөччүлэри да, атын ыстаада табаһыттарын да сөхтөрдө. Ол курдук, илии тутуурдаах, өттүк харалаах, үөрэн-көтөн астынан, ыстаадаҕа сылдьан ахтылҕаннарын таһааран кэллилэр. Түгэнинэн туһанан, төрөппүттэрбитигэр, тэрийэн, астаан, дьаһайан, көҥүллээн ыыппыттарыгар, ыстаадаҕа сылдьыһар учууталларга Василий Васильевич Гороховка, Мирена Яковлевна Дьячковскаяҕа, кулууп методиһыгар, төрөппүт Анна Ивановна Бурцеваҕа, наставник табаһыкка Михаил Иванович Дьячковскайга, бэтэринээр, төрөппүт Софрон Николаевич Старостиҥҥа уонна бэйэбит табаарыспытыгар Андрей Стручковка барҕа махталбытын тиэрдэбин. Түмүгэр, икки оскуола салайааччылара төгүрүк остуолга агрооскуола инники сайдыытын туһунан кэпсэттилэр, уопут атастастылар. Маннык күрэхтэр аны даҕаны буолуохтара диэн икки оскуола дуогабардаһан, сүбэлэьэн тарҕастылар.
Ааптар: Ася Кривошеева.
Таба күрэҕэр кыттан кэллибит
Хоту дойдуга таба баар буолан, олох күөстүү оргуйар. Биһиги оскуолабытыгар эмиэ табалаахпыт. Сайын аайы ыстаадаҕа сайылыыбыт. Күһүн , саас таба ахсаанын ааҕыытыгар сылдьабыт. Быйыл муус устар 10-11 куннэригэр Һээмэҥҥэ, Моотто Арыытыгар икки агрооскуола оҕолоро сүлүөккэ муһуннубут. Биһиги хамаандабытыгар алтыабыт. Сарсыарда эрдэ туран таба көлүнэн, таҥаспытын –саппытын бэринэн, күрэххэ бэлэм буоллубут. Кыттааччылар барааттарын кэнниттэн хамаанда капитана Андрей Стручков, учууталбыт Василий Васильевич туһалаах сүбэлэрин иһиттибит.
Утарылаһааччыларбыт Кустуур агрооскуолатын оҕолорун кытта биһиги доҕордуу сыһыаннаахпыт. Кинилэрдиин сайын аайы ыстаадаҕа көрсүһэбит, үчүгэйдик билсэбит. Ол иһин күрэхпит тыҥааһыннаах буолара чуолкай. Кустуурдарга улахан кылаас оҕолоро бааллар. Ол иһин биһиги хайдах эрэ саллабыт.
Бастаан сыарҕалаах табанан киирсии буолла, онуоха биһигиттэн Алеся (8 кылаас) кыттан үһүс, Андрей (9 кылаас, кини табаҕа аан бастаан олорор) бэһис кэллилэр. Биһиги үөрүү бөҕө! Аны уучахха бары кытынныбыт , бэл диэтэр, 3 кылааска үөрэнэр Тимур кытта кытынна. Бу күрэххэ кылааһынан эҥин араарыы суох бары бииргэ муһуннубут. Арай уол кыыс диэн тус — туспа. Кыргыттарга мин уонна Сааскылаана (9 кылаас) утуу-субуу төрдүс–бэһис кэллибит. Сүүрдэ сатаатыбыт да, улахан уонна уопуттаах кыргыттар иннилэрин олох биэрбэттэр. Ол да буоллар, наһаа хаалбатыбыт диэн олус үөрдүбүт. Кыттааччы кыргыттар тохсуо этибит.
Салгыы уолаттар уучаҕынан сүүртүлэр. Манна биһиги Андрейбыт эмиэ ортоку киирэн сүүрдэн кэллэ. Уолаттар ахсааннарынан элбэхтэр, сүүрдэллэрэ да сүрдээх. Бүтэһиккэ комбинированнай эстафета буолла. Манна, дьэ, төһө сымсан, түргэн туттуун-хамсаныын, быаны-туһаҕы туттан, табаҕын сатаан көлүнэрин, маахтаны төһө таба быраҕарын — барыта ааҕыллар. Бу күрэххэ икки хамаанда араа-бараа барсан, оҕолор бары сатабыллаахтарын көрдөрдүлэр. Күрэх түмүгэр бастаабыттар Кустуур оскуолата туруорбут сыаналаах бириистэрин туттубут, минньигэс астаах остуолга олорон ирэ –хоро кэпсэттибит. Биһиги, Бороҕон оҕолоро, бу күрэҕи тэрийбит Кустуур оскуолатыгар уонна биһигини илдьэ сылдьыбыт учууталларбытыгар махталбыт улахан. Аны икки сылынан күрэҕи биһиги оскуолата ыытыах буолан тарҕастыбыт.
Ааптар: Айна Тимофеева