Бүлүү улууhун Хампа нэhилиэгэр оскуола үөрэнээччилэригэр өрөспүүбүлүкэтээҕи мас тардыһыы турнира буолан ааста. Бу туһунан С.М.Васильев аатынан Чернышевскай орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ Эрчимэн Семенов суруйар.
Сөбүлүүр дьарыкпыт үөрүүнү аҕалар
Оҕо барыта үөрэҕин таһынан эбии дьарыктаах буолар. Биһиги кыра сааспытыттан мас тардыһыытынан сөбүлээн дьарыктанабыт. Тренербит физкультура учуутала Власий Федорович Семёнов. Быйылгы үөрэхд ьылыгар, саас аан дойдуну бүрүүкээбит хамсык хаптайан, араас спортивнай күрэхтэһиилэр тэриллибиттэрэ.
Муус устар 3-4 күнүгэр Бүлүү улууhун Хампа нэhилиэгэр улуус бочуоттаах олохтооҕо, «Мужество» уордьан кавалера Егор Терентьевич Евсеев сырдык кэриэһигэр оскуола үөрэнээччилэригэр өрөспүүбүлүкэтээҕи мас тардыһыы турнира буолан ааста. Бу күрэхтэһиигэ өрөспүүбүлүкэ элбэх улууһуттан: Бүлүү, Сунтаар, Үөһээ Бүлүү, Ньурба, Дьокуускай, Хатас, Уус-Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Өлүөхүмэ, Горнай- барыта 12 хамаанда мадьынылара күөн көрүстүлэр.
Биhиги оскуолабытыттан барыта 14 үөрэнээччи баран күүһүн холонно. Икки күннээх тыҥааһыннаах киирсии түмүгэр биһиги оскуолабыт оҕолоро сыралаах үлэлэрин түмүгүн көрдөрдүлэр. Кыргыттарга 2003 с уонна кыра саастаахтарга: Прокопьева Сайыына – 9 кылаас, 50 кг 3 миэстэни, Орлосова Светлана — 5 кылаас, 45 кг 3 миэстэни, Крылова Регина- 8 кылаас, 40 кг 1 миэстэни ыллылар.
Уолаттарга 2005 с уонна кыра саастаахтарга: ПавловАйаал- 8 кылаас, 45 кг 1 миэстэни, Михайлов Ян — 8 кылаас, 50 кг 1 миэстэни, Иванов Даниил- 9 кылаас 60 кг 1 миэстэни, Семенов Эрчимэн- 9 кылаас, 65 кг 3 миэстэни ыллылар.
Биhиги 3 үрүҥ көмүс, 4 кыhыл көмүс мэтээли ылан, кыайыы өрөгөйүн биллибит, үөрдүбүт.
Ити ситиһии барыта тренербит Власий Фёдорович уонна биһиги дьаныардаах дьарыкпыт түмүгэ буолар. Мас тардыһыытын өрө тутан, дьарыкпытын салгыыбыт, өссө да ситиһиилэр үгүс буолуохтара диэн эрэнэбит.