Бүгүн, кулун тутар 16 күнүгэр, Н.Е. Мординов — Амма Аччыгыйа аатынан «Бэлэм буол»-«Кэскил» хаһыат 85 сылыгар аналлаах эдэр кэрэспэндьиэннэригэр, суруналыыс — блогер буолуон баҕалаах оҕолорго аналлаах үөрэх буолан ааста.
Уопсайа тэрээһиҥҥэ 15 нэһилиэк 17 үөрэх кыһатын 82 оҕото кыттыыны ылла. Үөрэх икки хайысханан ыытылынна. Ол курдук, суруйар айар оҕолорго «Кэскил» хаһыат сүрүн редактора Т.И. Жиркова ыстатыйаны хайдах суруйуохха сөбүн, суруйуу жанрдарын билиһиннэрдэ, дьарык ыытта, үгүс сүбэни — аманы биэрдэ. Иккис хайысха «Видеоблогерство» диэҥҥэ «Кэскил» хаһыат цифровой трансформация отделын видеограба В.Я. Потапов видеоҕа, хаартыскаҕа устуу ньымаларын, ханнык бырагырааманан видеоны оҥоруохха сөбүн үөрэттэ. Салайааччыларга анаан «Кэскил»оҕо бэчээтин кыһатын дириэктэрэ О.И. Семенова туспа семинар ыытта. Улууска тэриллибит пресс-киин былаанын торумнаатылар. Түмүккэ Ольга Ивановна бу дьыл бэс ыйыгар биһиги улууспут суруйар, айар дьоҕурдаах оҕолорун «Сосновай бор» лааҕырга сынньанарга ыҥырда. Бүгүҥҥү үөрэх биир күннээх керсүһүү эрэ буолбакка, Татьяна Ильинична, Владислав Яковлевич үөрэппит оҕолоругар ватсап группа арыйан, салгыы куйаар ситимин нөҥүө үөрэтэллэриттэн олус үөрдубут, махталбытын тиэрдэбит.Кэлбит оҕолор, салайааччылар бары олус астынан, элбэххэ үөрэнэн, сэргэхсийэн, салгыы үлэлэһэргэ кынат анньынан тарҕастылар.