Оскуола үөрэнээччилэрэ, төрөппүттэр, учууталлар уонна улуустар, куораттар үөрэҕин салаатын араас таһымнаах тэрилтэлэрин салайааччылара!
Билигин геоинформационнай технологиялар олохрут бары эйгэтигэр өтөн киирэн эрэллэр, ИТ технология бородууксуйатын нэһилиэнньэ бары араҥата туһанар кыахтанна.
ХИФУ «Дом научной коллаборации Н.Г. Соломонова» Айылҕа үөрэҕин Институтун, ХИФУ «Точка кипения» , РРЦ «Юные Якутяне», ГАУ «Технопарк Якутия» уонна НП «ИТ эйгэтэ сайдыытын СӨ Ассоциациятын» кытта VI өрөспүүбүлүкэтээҕи «Моя профессия-IT» (куонкурус сүрүн тэрийээччилэрэ– Инновация, цифровой сайдыы уонна инфокоммуникативнай технология министиэристибэтэ, Үөрэх уонна наука министиэристибэтэ) III өрөспүүбүлүкэтээҕи «GISIT-2021» ГИС-хакатон ыыталларын туһунан биллэрэллэр.
ГИС хакатон “Моя профессия – ИТ” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус финалын биир талар түһүмэҕинэн буолар.
Куонкуруска кытталларыгар ыҥырабыт: IT-испэсэлиистэри (ГИС испэсэлиистэри, разработчиктары, дизайнердары, ИТ менеджердары); эдэр испэсэлиистэри, вуз уонна СПО 35 сааһыгар диэри устудьуоннарын (бакалавр, магистрант), 7-11 кылаас үөрэнээччилэрин, ордук оҕо технопаркатыгар, «Точка роста», Дьокуускайдааҕы Кванториум геоквантумун уонна ИТ квантумун, «Дом научной коллаборации” иитиллээччилэрин. Бэйэлэрин билиилэрин, сатабылларын, үөрүйэхтэрин геоданнайдары туһанан, мобильнай приложения, бот, сервис, сайт оҥорон холонорго ыҥырабыт.
ГИС хакатон сүрүн сыала: СӨ информационнай технология уонна ГИС эйгэтин научнай-инновационнай уонна урбаан хайысхаларыгар геопространственнай технология көмөтүнэн экосистиэмэни сайыннарыыга ыччаты уһуйуу.
Хамаанда састаабыгар 3-4 киһи киирэр (ГИС-разработчик, ИТ-менеджер, разработчик, дизайнер)
Генеральнай спонсор: ООО «2ГИС регион»
Болдьоҕо: 2021 сыл кулун тутар 19-21 күннэрэ
Кыттыы формата: онлайн (ZOOM, Discord, Telegram)
Официальнай сайт: https://gisit.ru
Регистрация, бэлиэтэнии бу ссылканан: https://forms.gle/tu5A1UpPtbkAdawEA
Төлөпүөн: 89244618682 (ватсап) Прасковья Георгиевна,
Электроннай почта: dnksvfu@gmail.com.
Ааптар: ГИС хакатона тэрийэр кэмитиэтэ