Сунтаар 1 №-дээх орто оскуолатын 6 «а» кылаас кыргыттара сааскы маҥнайгы бырааһынньыгы көрсө «Мисс- Шляпка» күрэххэ кытыннылар.
13 кыыс бэйэлэрэ араас сэлээппэ көрүҥүн оҥостон кэлбиттэр. Сорохтор мас хатырыгыттан, араас минньигэстэн, араас сибэккилэртэн оҥостубуттар.
Күрэх 4 түһүмэҕинэн барда. Бастакы түһүмэх сэлээппэлэрин хайдах оҥорбуттарын, ханнык матырыйаалтан турарын туһунан кэпсээтилэр.Иккис түһүмэх — сэлээппэ арааһын таайыы.
Үһүс түһүмэх — сэлээппэ туһунан таабырын таайыы.
Төрдүс түһүмэх — биллиилээх дьон ханнык шляпаны кэтэрин таайыы.
Түөрт түһүмэх түмүгүнэн «Мисс Шляпа 2021» Яковлева Нелли буолан, фен бирииһинэн уоннан грамотанан наҕараадаланна.
Иккис миэстэ «Мисс оригинальная шляпа» Семенова Анисия уонна Павлова Света буоллулар.
3 миэстэ — «Мисс фантастическая шляпа» Авелова Влада, Иннокентьева Рада.
Номинация иҥэрилиннэ:
«Мисс сказочная шляпа» — Прокопьева Валерия.
«Мисс чудная шляпа» — Тарасова Настя.
«Мисс нежная шляпа» — Иванова Фрида.
» Мисс дружба» — Евсеева Маша.
» Мисс зрительских симпатий» — Иванова Алгыстаана.
«Мисс маленькая шляпа» — Николаева Зарина.
» Мисс улыбка»- Игнатьева Дарина.
«Мисс скромность и обаяние» — Иванова Уйгулаана.
Куонкуруһу иилээн- саҕалаан, Любенко Стас уонна Трофимов Антон ыыттылар.
Дьүүллүр сүбэ: 6 «а» кылаас уолаттара уонна технология учуутала Дордина Сиибиктэ Николаевна.
Төрөппүттэр эмиэ көхтөөх кыттыыны ыллылар.
Маннык тэрээһин ыытыллыбытыгар төрөппүттэр уонна оҕолор астыннылар, махтаннылар.