Олунньу ый 8 күнүттэн 13 күнүгэр дылы А.П. Павлов аатынан Сунтаар 1 №-дээх орто оскуолатыгар сылын аайы ыытыллар саха тылын нэдиэлэтэ буолан ааста. Педагог-организатор К.И. Алексеева суруйар.
Төрөөбүт төрүт тылбытын үйэтитэн, сахалыы сайаҕастык, тылбытын хомоҕойдук, ылбаҕайдык, табатык туттарга үѳрэтэр сыалтан, араас тэрээһиннэр буолан аастылар. Ол чэрчитинэн биһиги оскуолабыт үөрэнээччилэрэ улуус таһымнаах метапредметнай олимпиадаларга ситиһиилээхтик кытыннылар.
Саха үгэһэ сүппэтин, умнуллубатын туhугар, оҕолору умсугутуу курдук сүрүн соруктаах «Оhуор-ойуу суолтата» маастар кылаас улахан интэриэһи көтөхтө, ону сэргэ оҕолор ортолоругар сахалыы остуол оонньуулара ордук көҕү, көрү-нары үксэттэ.
Төрүт тылы билэргэ эрэ анаан диэн буолбакка, төрөөбүт дойдуга тапталы, киэн туттууну иҥэрии, оҕолору патриотическай тыыҥҥа, Ийэ дойдуга бэриниилээх буолалларын иитэн таһаарарга туһаайан ыытылыннылар.
Ол курдук, Сунтаар улууһуттан төрүттээх саха биллиилээх суруйааччыта, литературовед Алексей Андреевич Иванов — Күндэ төрөөбүтэ 125 сааһыгар анаан “Төрөөбүт тыл” хоһоонун күргүөмүнэн ааҕыыга 11 “а”, “б” кылаас уолаттара добун уораҕайга тиийэн сүрдээх өрө көтөҕүүлээхтик ааҕан, дьон сэҥээриитин ыллылар.
Нэдиэлэ түмүгүнэн, оруобуна Ийэ тылын күнүгэр сөп түбэһиннэрэн, оскуола үрдүнэн оһуохай түһүлгэтэ тэрилиннэ. Дойду үрдүнэн буола турар быһыыны-майгыны учуоттаан туран, хас биирдии кылаастан иккилии оҕо мустан, алгыстанан, алаадьынан күндүлэнэн, оскуола салалтатын, учууталлары кытта сэргэ төрүттэрбит үҥкүүлэрин, ойуулаах оһуохайы оройуттан туттулар. Кылыһахтаах куоластаах, оскуолабыт кэскиллээх этээччитэ, 8 “б” кылаас үөрэнээччитэ, Варламова Дайаана оһуохайы аан бастакытын холонон, сүрдээх үчүгэйдик толордо. Көмүлүөк буруота, арыылаах алаадьы сыта дыргыллан, сайын ахтылҕанын, ыһыах тыынын оскуолабытыгар бэлэхтээн, дьон-сэргэ, оҕо-аймах сүргэтин көтөхтө, сахалыы тыыннаах тэрээһиннэр оскуола үрдүнэн бэрт сэргэхтик аастылар.