«Инникигэ хардыы» эдэр чинчийээччилэр кэмпириэнсийэлэригэр Таатта улууһун С.Р.Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатыттан 5 оҕо кытынна.
Неустроев Дьулусхан 11 кылаас, Чурукова Дайаана 10 кылаас үөрэнээччилэрэ, иккиэн региональнай түһүмэх призердара. Иккиэн «Химические науки» диэн секцияҕа кытыннылар. Эти, үүтү оскуола лабораториятыгар чинчийэн, бэйэ үүтэ, этэ ордук хаачыстыбалааҕын быһаардылар. Дайаана секциятыгар 2-с степеннээх дипломант буолла. Салайааччы — Кулаковская Надежда Николаевна, биология учуутала.
Миронова Сахаяна 8 кылаас үөрэнээччитэ. «Ботанические науки» секцияҕа кытынна. СӨ Наукаларын дьоҕус академията уонна Өлүөхүмэ оройуонун үөрэнээччилэрин айар уонна гуманитарнай үөрэхтээһиҥҥэ киинэ тэрийбит «Научное лето-2020 онлайн» өрөспүүбүлүкэтээҕи сетевой бырайыакка Сахаяна кыттан, «Инникигэ хардыы» кэмпириэнсийэҕэ кыттары ситиспитэ. Сахаяна үлэтин тиэмэтэ «Бэс туорахтарын эмтэнэр сыалга туттуу». Билигин киһи иммунитетын бѳҕѳргѳтѳргѳ барыанньа оӊостон сииргэ уонна массажнай сыттык тигэн эмтэнэргэ сүбэлиир. Сахаяна секциятыгар 3-с степеннээх дипломант буолан, Бүтүн Россиятааҕы «Большие вызовы» научнай-технологическай бырайыактар конкурустарын регионнааҕы түһүмэҕэр кыттары ситистэ.
Богдокумов Стас 9 кылаас, Унарова Амеилита 8 кылаас үөрэнээччилэрэ. «Наука о Земле» секцияҕа кытыннылар. Стас Чычымаҕын климатическай усулуобуйатын (салгын температуратын, былыт, тыал хайысхатын) үһүс сылын кэтээн кѳрѳн үөрэтэр. Герасимовтар дьиэ кэргэн таһаартарар «Күннүк» дневниктэрин туһанар. Бу үлэ оҕо тулуурдаах, толкуйдуур, анаарар дьоҕурун сайыннарар. Бүтүн Россиятааҕы «Большие вызовы» научнай-технологическай бырайыактар куонкурустарын регионнааҕы түһүмэҕэр ситиһиилээхтик кыттарыгар баҕарабын.
Амеилита үлэтин аата «QR код: Амма нэһилиэгин ытык сирдэрэ». Салайааччылара Иванова Дария Егоровна, биология учуутала уонна Малышева Аграфена Порфирьевна, математика учуутала. Амеилита секциятыгар 3-с степеннээх дипломант буолан, Бүтүн Россиятааҕы «Большие вызовы» научнай-технологическай бырайыактар куонкурустарын регионнааҕы түһүмэҕэр кыттыа. Билсиӊ, QR кодунан Амма нэһилиэгин ытык сирдэрин.
Ааптар: Дария Иванова, учуутал