Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Бэдьимэ оскуолата биир үчүгэй үлэлээҕинэн биллэр. Бэдьимэ оҕолоро улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах араас хайысхалаах күрэхтэргэ көхтөөхтүк кытталлар. Россиятааҕы олимпиадаҕа сылын ахсын кыттыыны ылаллар.
Соловьев Рома — Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бэдьимэ орто оскуолатын 7 кылааһын туйгун үөрэнээччитэ. Араас таһымнаах олимпиадаларга алын сүһүөх кылаастан кыттар.
Ол курдук, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Smart» ангылычаан тылынан математика олимпиадатыгар 2 миэстэ буолбута. Физика олимпиадатыгар бастаабыта, нуучча тылыгар уонна литературатыгар эмиэ 1 миэстэ буолбута. Иллэҥ кэмигэр биллэр тутуулары уруһуйдуурун уонна ааҕарын олус сөбүлүүр. Дьиэтигэр бастыҥ көмөлөһөөччү, дьиэтигэр кыһамньылаах үөрэнээччи буолар.