Өлүөхүмэ оройуонун А.Г .Кудрин-Абаҕыыныскай аатынан Абаҕа орто оскуолатыгар саха тылын учуутала Аграфена Павловна Винокурова салалтатынан оҕолор сыллата Бүтүн Россиятааҕы олимпиада муниципальнай этабыгар ситиһиилээхтик кытталлар.
Колмыгина Алёна А.Г. Кудрин-Абаҕыыныскай аатынан Абаҕа орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ. Алёна саха тылын 3 кылаастан үөрэтэн саҕалаабыта. Тута интэриэһиргээн улгумнук ылыммыта, сыл бүтүүтэ сахалыы саҥарар буолбута.
5 кылаастан ыла саҕалаан олимпиадаҕа кыттар, өрүүтүн миэстэлэһэр, кыайыылаах буолар. Быйыл Бүтүн Россиятааҕы үөрэнээччилэрин олимпиадатыгар муниципальнай этабыгар судаарыстыбаннай саха тылыгар кыайыылаах буолла.
Павлова Карина бары өттүнэн дэгиттэр дьоҕурдаах оҕо: туйгун үөрэнээччи, спордунан дьарыктанар, үҥкүүһүт, хоһоон ааҕар, иискэ сыстаҕас. Быйыл Бүтүн Россиятааҕы үөрэнээччилэр олимпиадаларын муниципальнай этабыгар саха тылыгар иккис төгүлүн кыайыылаҕынан буолла. Карина кыра кылаастан төрөөбүт тылын таптаан, интэриэһиргээн үөрэтэр.
Ааптар: Раиса Иннокентьевна Уйгурова, эдкорпост салайааччыта.