Ньурба улууһун 1 Ханалас 9 кылаас үөрэнээччитэ Петрова Олеся бу үөрэх дьылыгар Бүтүн Россиятааҕы олимпиада муниципальнай этабыгар туйгуннук, ситиһиилээхтик кытынна: нуучча тылыгар, быраап олимпиадаларыгар, астрономияҕа 1 миэстэ, саха литературатыгар 2 миэстэ буолан, биһиги бары үөрүүбүт өссө үксээтэ.
Олеся билигин региональнай этаптарга күүстээхтик бэлэмнэнэ сылдьар.
Олеся – оскуолабыт киэн туттуута. Дьарыга, интэриэһэ үгүс.
Оҕо ис кыаҕын эрдэттэн арыйарыгар талаанын, дьоҕурун сайыннарарыгар тѳhүү күүhүнэн учуутал буолар. Υлэни табатык хайысхалаан саҕалаатахха, оҕону бэйэҕэ тардан интэриэhиргэттэххэ, уруок таhынан эбии дьарыкка сайыннарар сыаллаах кылаас таhынан үлэни тэрийии суолтата олус күүстээх, үтүѳ түмүктэрдээх буолар.
Үгүс оскуолаҕа эдэр кэрэспэдьиэннэр түмсүүлэрэ, араас куруһуоктар ситиhиилээхтик үлэлииллэр. Оскуолабытыгар «Ыллык» поһу салайан үлэлэтэр күндү учууталбыт Прасковья Николаевна Алексеева биһиэхэ өӊөтө олус элбэх. Маннык түмсүүлэр, куруhуоктар оҕо талаанын арыйарыгар, инники идэтин таларыгар, барытыгар айымньылаахтык сыhыаннаhарыгар тирэх буолаллар.
1 Хаӊалас туйгун үөрэнээччитигэр, «Ыллык» пост киэн туттар эдэр кэрэспэдьиэнигэр Олесябытыгар өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт!
Ааптар: Марина Васильева, 7 кылаас, «Ыллык» пост. Ньурба.