Тэрийээччи: “Саха өйүн-санаатын баайын уонна култууратын сырдатар-чинчийэр киин” кэммиэрчэскэйэ суох автономнай тэрилтэ.
Болдьоҕо: 2020 сыл алтынньы 1 күнүттэн 2021 сыл тохсунньу 22 күнүгэр диэри.
Сыала-соруга:
• Саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын хомуйуу, харыстааһын, тэнитии;
• Норуот тылынан уус-уран айымньытын үгэстэрин үүнэр көлүөнэҕэ тиэрдии, сырдатыы,бэчээккэ таһаарыы, чинчийии;
• Норуот тылынан уус-уран айымньытын билэр дьоммутуттан истэн, суруйан үйэтитии.
Ирдэбилэ:
Норуот тылынан уус-уран айымньытын билэр (фольклор) дьонтон тойугу, үһүйээни, норуот ырыатын, чабырҕаҕы, остуоруйаны истэн, сурукка түһэрэҕит. Кэпсээбит киһи хаартыскатын, аатын, сааһын, төрөөбүт сирин-уотун, ити кэпсээбитин кимтэн, хаһан истибитин, хаһан, ханна суруйбуккутун толору ыйаҕыт. Кэпсээччи хайдах кэпсээбитин, хайдах саҥарбытын курдук (холобур, дорҕоонун хайдах баарынан) уларыппакка суруйаҕыт (тылын-өһүн көннөрбөккүт). Аныгы уонна кинигэттэн ылыллыбыт айымньылар киирбэттэр.
Кытталлар : 3-4, 5-6, 7-9, 10-11 кылаастар, 18-24, 25-35 саастааах ыччат.
Үлэни манна ыытаҕыт: ostyoryja_2019@mail.ru.
Киирбит үлэлэри http://sakhaetigentyla.ru саайка таһаарабыт.
Ыйыталаһарга: 89142681196
Бөлөх аайы кыайыылаахтары (1, 2, 3 миэстэлэр, анал ааттар) быһаарабыт. Күрэххэ кыттыбыттарга туоһу сурук, кыайыылахтарга дьупулуом, анал аат хаһаайыннарыгар грамота бэриллэр
Т.А. Стеепанов «Орто дойду. Ыһыах» уруһуйун туһанныбыт