Сэтинньи ый — Баай Байанай ыйынан аатырар. БайанайАар тайҕа баґылыга, булт иччитэ. Кинини уус- киис тириитэ таҥастаах, олус үөрүнньэҥ, омуннаах- төлөннөөх аарыма кырдьаҕас оҕонньор курдук ойуулууллар. Кини ойуур кыылларын, көтөрдөрүн харыстыыр.
Ааптар: МБДОУ «Күнчээн» уһуйаан «Чуораанчык» бэлэмнэнии бөлөх иитээччитэ Иванова В.Н.
(Куйаар ситимин нөҥүө «Байанай ыйыгар» анаммыт бэлэмнэнии бөлөх иһинэн ыытыллыбыт тэрээһиннэр)
Тиэмэтэ: Байанай ыйа.
Сыала: саха киһитин төрүт дьарыга булт туһунан оҕолор билиилэрин чиҥэтии.
Үлэ соруктара:
- айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаны иитии;
- ырыа, үҥкүү, уус -уран ааҕыы, оҕо бэйэтэ оҥорбут оҥоһугун нөҥүө айар дьоҕурун, талаанын сайыннарыы;
- төрөппүт оҕотун кытта ситимин, алтыһыытын бөҕөргөтүү.