Мэҥэ Хаҥалас Павловскайын оскуолатыгар саастаах дьону ытыктыырга иитии аҥардас тылынан эрэ буолбакка, дьиҥнээх дьыаланан бигэргэтиллэр.
«Биһиги оскуолабыт биир сүрүн оҥкулунан оҕолорго эбэлэригэр,эһэлэригэр көмөлөһөр, кинилэри харыстыыр, үөрдэр баҕа санааны үөскэтии буолар. Ааспыт кырдьаҕастар декадаларыгар биһиги оҕолорбут араас хабааннаах ааксыйалары тэрийэн ыыттылар. Кыттыбыт кылаас салайааччыларыгар кырдьаҕастар сэбиэттэрэ улахан махталларын тиэрдэллэр»,— диэн кэпсиир учуутал Маргарита Шамаева.
9 «б» кылаас үөрэнээччилэрэ, төрөппүттэрэ Сомоҕолоһуу күнүнэн эҕэрдэлээн туран, кырдьаҕас бэтэрээннэргэ — Самсонов Егор Николаевичка, Егорова Людмила Георгиевнаҕа бородууктанан көмө оҥордулар. Ону таьынан 7 «б» кылаас кэллэктиибэ Сивцев Федор Константиновичка, Сергеева Октябрина Петровнаҕа «Күрүлгэн» сурунаалы сурутан, бэлэх оҥордулар.