Алтынньы 5 күнэ -Учуутал күнэ! Учуутал оҕоҕо билиини биэрэрин таһынан, үтүөҕэ, кэрэҕэ уһуйан, хас биирдии үөрэнээччигэр дууһатын сылааһын иҥэрэн, идэтин таларыгар олук ууран, улуус, өрөспүүбүлүкэ, дойду кэскилин түстүүр ураты суолталаах киһи буолар. Ытыктабыллаах учууталлары, иитээччилэры, эбии үөрэхтээһин педагогтарын, педагогическай үлэ бэтэрээннэрин сырдык бырааһынньыккытынан эҕэрдэлиибит!
Таатта улууһун С.Р.Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччилэрэ бэйэлэрин эҕэрдэлэрин тиэрдэллэр.
Дьулусхан Неустроев, 11 кылаас старостата:
— Биһиги, 11 кылаастар, оскуолабыт 115, нэһилиэкпит 100 сылын туолар үбүлүөйдээх сылга Учуутал күнүнэн бэтэрээн учууталларбытын Зоя Афанасьевнаны, Евдокия Павловнаны, Февронья Андреевнаны итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит. БиҺиэхэ ахсаабат кыһамньыгыт, муударай сүбэҕит, кылаас чаастарбытыгар куруутун кэрэхсэнэр кэпсээн кэһиилээх ыалдьыттыыргыт иҺин махтанабыт.
Баҕарабыт саха алмааҺын курдук кытаанах доруобуйаны, дьолу-соргуну, уҺун дьоллоох олоҕу уонна өрүүтүн үөрүүгүт үрдүү турдун, санаабыккыт сатаннын, туппуккут тупса турдун! Дьиэ кэргэҥҥитигэр дьол-соргу тосхойдун!
Нарыйаана Платонова:
— Ытыктабыллаах бэтэрээн иитээччилэрбит, учууталларбыт! ЭҺигини Учуутал күнүнэн сүгүрүйэн туран эҕэрдэлиибит! Киэҥ билиигитин үүнэн эрэр кэнчээри ыччакка дириҥник иҥэрбиккит, тус холобургутунан, киһилии сыһыаҥҥытынан ииппиккит, үтүөнү- кэрэни тэниппиккит! Айыы санааҕытынан салайтаран, бааргытынан-суоххутунан көмөлөһөн, хайа да түбэлтэҕэ өйөөн-убаан, сүбэлээн-амалаан, үөрэхтэнэр үөрүүтүн билэн үгүс ыччат олох киэҥ аартыгар үктэммитэ. Үүнэр көлүөнэҕэ, үөрэппит оҕолоргутугар саха буолар саргыбытын салайсыбыккыт, киһи буолар кэскилбитин түстэспиккит иһин ис сүрэхпититтэн махтанабыт! Күндү бэтэрээн учууталларбыт, киил мас курдук чиргэл буолун! Эдэрдии эрчимнээх, чэгиэн-чэбдик бэйэлээх, үөрүү-көтүү үктэллээх, дьол-соргу тосхоллоох, толкуйдаабыккыт тобулла, санаабыккыт саргылыы сырыттын диэн алгыс бастыҥын аныыбыт, эҕэрдэ эриэккэһин этэбит! Дьиэ кэргэҥҥитигэр ил-эйэ эҥээрдэстин, дьол-соргу тосхойдун! ДОМ!
Күндү учууталларбыт! Күннэтэ түбүктээх үлэ5ит, билиини биэрэргэ сыралаах үлэ5ит иҺин махталбытын тиэрдэбит! ИнтэриэҺинэй уруоктар, бииртэн биир кэрэхсэбиллээх тэрээҺиннэр тиҺигин быспакка буола турдуннар, 115 саастаах оскуолабыт үтүө үгэстэрэ көлүөнэттэн көлүөнэ5э бэриллэн истиннэр! Бу карантин кэмигэр доруобуйа5ытын харыстаныҥ, өрүү кэрэ, эдэр, дьоллоох буолуҥ!
Айаал Жараев:
— В этот юбилейный год мы хотим поздравить наших воспитателей Августину Петровну, Людмилу Андреевну, музыкального руководителя Валентину Владимировну и нашу няню Матрену Алексеевну, всех работников детского сада «Туйаара» с прошедним Днем работников дошкольного образования! Вы учили доброте, заботились о нас с малых лет и помогли нам стать тем, кем мы стали сейчас – выпускным классом нашей школы.
Желаем вам крепкого здоровья, успехов, счастья и тепла! Чтобы ваше терпение и доброта к детям никогда не иссякли. Спасибо Вам!