Хатыҥ чараҥнаах, хампа солко алаастаах Чурапчы улууһун биир биһирэмнээх Төлөй нэһилиэгиттэн төрүттээх Михайлова Анитабын, 11 кылааһы үчүгэйдик үөрэнэн бүтэрдим.
Бииргэ төрөөбүт үһүөбүт, мин игирэ аҥара буолабын, Ангелиналыын игирэлэрбит. Бырааппыт Миша 5 кылаас буолла.
Кыра оҕо эрдэхпиттэн культура, искусство эйгэтигэр тардыһабын. Хоһоон ааҕабын, хомустуубун, ырыаны да, үҥкүүнү да сөбүлүүбүн. Улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи, аан дойдутааҕы күрэхтэргэ кыттан миэстэлэспиппит.
Тыа сирин дьоно- сэргэтэ сыспай сиэллээҕи, хороҕор муостааҕы иитэн, аһатан, көрөн- истэн күн бүгүнүгэр диэри тыыннаах кэлбитэ. Биһиги өбүгэлэрбит төрүт дьарыктарын сөргүтэн, бааһынай хаһаайыстыбанан дьарыктанабыт. Дьиэ кэргэнинэн бары бииргэ сылдьан үлэлиибит. Аниталыын дьоммутугар көмө буолабыт. Ханнык да үлэттэн толлон турбаппыт. Сарсыарда эрдэ туран ынах ыыбыт, ньирэйдэрбитин аһатабыт. Онон күммүт күн ойо тахсыаҕыттан саҕаланар. Сир астаан кыһыҥҥыга хаһаанабыт. Аҕам, Толстоухов Семен Михайлович, сайын үүнүүтүттэн сомсоору, түбүгүрэ үлэлиир. Бааһынаҕа бурдук ыспыта, билигин бары күүһү окко уурар.
Инники олохпун хайдах буолуоҕун туһунан элбэҕи толкуйдуубун. Омук тылын эбии үөрэтэбин, ыллыыр дьоҕурбун сайыннарабын, үҥкүүлүүбүн. Иллэҥ кэммэр ойор — тэбэр оҕо сааспын баттаһа сөтүөлүүбүн, доҕотторбунаан көрсөбүт, үөрэбит- көтөбүт. Баҕа санаам диэн атын сири- уоту кэрийэн, араас интэриэһинэйи билиэхпин- көрүөхпүн наһаа баҕарабын. Баҕа санаам -стюардесса идэтин баһылааһын.
Ааптар: Анита Михайлова.