Орто дойдуга тохсунньу ыйга Таҥха, Дьылҕа суолтата улахан. Таҥха, Дьылҕа диэн сэттис халлаан айыылара. Бу айыылары Билии халлаанын айыылара диибит. Сэттэлии дьүһүннээхтэр. Сэттэ ини-бии буолан көстөллөр. Билии төрдө буолбуттар. Киһи сэттэ ойбонун арыйаллар. Таҥха кэмигэр киһи тус баҕатын уонна өйүн-санаатын сааһыланар. Таҥха Хаан ону наардыыр. Киһи дьылҕатыгар бу олус дьайар. Дьылҕа хайдах салаллара Таҥхаттан тутулуктаах. Таҥха кэмигэр киһи ийэ кута уһуктар. Таҥхаҕа абааһыны, үөрү ыҥырар аньыы.
Алгыһа
Туску, Туску, Туску!
Кэскили тэрийээччи,
Төлкөнү түһэрээччи,
Таҥхаһыт Таҥха Хаан Тойон,
Дьылҕаһыт Дьылҕа Хаан Тойон
Бэттэх көрөн
Мичик гыныҥ!
Дом.
Билии халлаанын ойуута: орто күөрчэх – көҕүөр ойуу.
Айыы санааҕа билии түмүллүүтүн көрдөрөр бэлиэ.
Билии халлаанын сүрүннүүр тыла: Туску!
Айыы санааҕа туску диэн тыл билиигэ-көрүүгэ туһаайар суолталаах.