Дьааҥы улууһун Эҥэ оскуолатын «Саһарҕа» эдкорпоһа «Кэскил» хаһыат биир саамай көхтөөх, эрэллээх доҕорунан буолар. Салайааччы Екатерина Заровняева оҕолору сурукка-бичикка 90-с сыллартан ыла тиһигин быспакка уһуйар.
Күндү Екатерина Петровнаны уонна бары доҕотторбутун, эдэр кэрэспэдьиэннэр постарын салайааччыларын Учуутал күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит, хаһыаты, кинигэни ааҕыы оҕо өй-санаа, билии-көрүү өттүнэн сайдарыгар сүҥкэн суолталааҕын өйдөөн, эдэр кэрэспэдьиэннэр айар дьоҕурдарын сайыннараргыт, айымньылаахтык үлэлииргит иһин барҕа махтал!
Алмаас таас курдук кытаанах тулуурдаах
Учуутал диэн — үтүө майгылаах,санаатынан күүстээх киһи. Учуутал биһигини инники олохпутугар бэлэмниир. Кини ааҕар, суруйар, суоттуур эрэ өттүнэн сайыннарбат. Кини биһигини үтүө майгылаах, дьону ытыктыыр, айылҕаны харыстыыр буоларга үөрэтэр. Биһиги инники олохпут аанын арыйарбытыгар учуутал улахан көмөнү оҥорор. Кини биһигини ханнык да түгэҥҥэ өйүүр, көмөлөһөр. Санаан көрдөххө, учуутал биһигини тула өттүбүтүнэн сайыннарар. Киһи барыта эрэ сатаан учууталлаабат. Учуутал диэн санаатынан күүстээх, алмаас таас курдук кытаанах тулуурдаах, дэгиттэр билиилээх-өйдөөх, үлэһит, оҕону кытта биир тылы булар киһи буолуохтаах. Биһиги учууталларбыт оннук дьонунан буолаллар!
Учуутал күнүнэн барыгытыгар эҕэрдэбин тиэрдэбин, доруобай буолуҥ. Биһигини куруутун өйүү, өйдүү сылдьыҥ! Үөрэнээччилэргит тапталларыгар бигэнэн, элбэх ситиһиилэниҥ!
Соня Бурцева.
Мээнэ киһи учуутал буолбат
Учуутал хас биирдии оҕоҕо билиини биэрэр аналлаах. Ол билиини биһиги олоххо тутта үөрэниэхтээхпит.
Учуутал үлэтэ олус эппиэтинэстээх, кини биһиэхэ иккис ийэ курдук. Оҕоҕо сөптөөх билиини биэрэн, үтүө өйгө-санааҕа иитэн таһаарар. Учуутал оскуолаттан таҕыстаҕына даҕаны, үлэтэ онон бүппэт. Кини бэйэтин өрүү сайыннара сылдьыахтаах. Билиитэ-көрүүтэ киэҥ буолуохтаах. Ол иһин, мин санаабар, мээнэ киһи учуутал буолбат.
Эҥэ орто оскуолатын учууталларыгар биһигини иитэллэрин, билиини, сүбэни биэрэллэрин иһин махталбын тиэрдэбин.
Катя Аммосова.
Хаартыскаларга: Эҥэ оскуолатыгар — Учуутал күнэ.