Бу күннэргэ оскуолабытыгар ыччат сөбүлээн оонньуур, көрдөөх-күлүүлээх уонна булугас өйдөөхтөрүн түмэр «Саха КВН» тэрээһин буолан ааста. Быйылгы оонньуу «САХАКВНэйрлайнс: суох дойдуга көттүбүт!» диэн сонун тиэмэнэн ыытылынна.
Тэрээһин сүрүн сыала — «Саха КВН» хамсааһыны салгыы сайыннарыы, төрөөбүт тылбыт туттуллар эйгэтин кэҥэтии уонна оскуола бастыҥ хамаандатын быһаарыы.
Оонньуу үс сүрүн түһүмэҕинэн барда: «Эҕэрдэлэһии», «Биатлон» уонна «СТЭМ». Күрэхтэһии саҕаланыытыгар «Эрэл» оҕо хамсааһынын салайааччыта Наталья Матвеевна Степанова кыттааччылары оонньуу быраабылатын кытта билиһиннэрдэ. Сыанаҕа бииртэн биир көрүдьүөс нүөмэрдэр, сыаҥкалар уонна көрдөөх кэпсээннэр көрөөччү болҕомтотун тартылар. Оҕолор дьоҕурдарын уонна бэлэмнэрин уопуттаах КВН-щиктар Н. А. Седалищев, Н. Н. Иванов уонна М. Р. Федотова сыаналаатылар.






Тыҥааһыннаах киирсии түмүгүнэн бастыҥ оонньуулаах, сытыы уонна булугас өйдөөх хамаандаларынан «Күнчээн» (4-с кылаас, салайааччы М. И. Софронова), «Дэриэбинэ оҕолоро» (6-с кылаас, салайааччы Н. В. Чоросова) уонна «Лайнер» (10-с кылаас, салайааччы Н. М. Степанова) ааттаннылар.
«Саха КВН» — оҕону уонна ыччаты бары өттүнэн сайыннарар, айар дьоҕурун арыйар улахан суолталаах хамсааһын. Бу курдук тэрээһиннэр өрөспүүбүлүкэбитигэр төрөөбүт тылы уонна култуураны сайыннарыыга улахан суолталаахтар.
Дарина Тарасова,
VI кылаас, «Эрчим» медиакиин, Дүллүкү орто оскуолата, Үөһээ Бүлүү
