Учуутал идэтэ – уһуйаантан саҕалаан киһи олоҕор саамай суолталаах, дириҥ эппиэтинэстээх уонна үрдүк аналлаах идэ. Эдэр исписэлиис оскуола боруогун атыллаан, үлэтин саҥа саҕалыыр кэмигэр уопуттаах наставник сүбэтэ-амата, өйөбүлэ хайаан да наада.
Бу үтүө үгэһи сайыннарар, уопуту атастаһар уонна саҥа саҕахтары арыйар сыалтан, оскуолабыт иһинэн сэтинньи 16 күнүттэн ахсынньы 5 күнүгэр диэри эдэр үлэһиттэр уонна кинилэр наставниктарын икки ардыларыгар күрэх саҕаланна.
Күрэх бырагыраамата олус киэҥ уонна интэриэһинэй. Үс нэдиэлэ устата кыттааччылар бэйэлэрин сатабылларын, айар дьоҕурдарын уонна бииргэ үлэлиир таһымнарын маннык түһүмэхтэргэ көрдөрүөхтэрэ:
• Бастакы нэдиэлэ: аһаҕас уруок ыытыы (билиини биэрии саҥа ньымалара уонна учуутал маастарыстыбата).
• Иккис нэдиэлэ: «Бастыҥ төрөппүт мунньаҕа» (дьиэ кэргэн уонна оскуола ситимин бөҕөргөтүү).
• Үһүс нэдиэлэ: кылаас чааһа (оҕо иитиитигэр уонна өйүн-санаатын сайыннарыыга туһаайыллар дьарык).
Бу эппиэтинэстээх уонна долгутуулаах тургутууга оскуолабыт 6 бастыҥ паарата кыттыыны ылар:
1. Эдэр үлэһит Иванова А.В. уонна наставнига Григорьева М.А.
2. Эдэр үлэһит Данилов В.А. уонна наставнига Архипова М.И.
3. Эдэр үлэһит Данилова Е.А. уонна наставнига Тимофеева О.А.
4. Эдэр үлэһит Заборовская В.Я. уонна наставнига Харитонова А.Л.
5. Эдэр үлэһит Архипов И.А. уонна наставнига Семянова М.И.
6. Эдэр үлэһит Данилов Д.А. уонна наставнига Ксенофонтова А.И.
Күндү кэллиэгэлэрбит, бу күрэх эһиэхэ саҥа билиини, үрдүк ситиһиилэри, айар үлэни уонна умнуллубат үтүө түгэннэри бэлэхтээтин! Эдэр эрчим уонна дириҥ уопут биир ситим буолан, оскуолабыт сайдыытыгар саҥа кылааты киллэрдиннэр!
Кыттааччыларбытыгар барыларыгар ситиһиини баҕарабыт!
Кэскил14.ру
Н.И. Прокопьев аатынан Хатыы орто оскуолата
