Күһүҥҥү күөх муус халыҥаан, Байанай бэлэҕин сонурҕуур кэм тирээн кэллэҕинэ, саха киһитэ уутугар-хаарыгар киирэн мунхаҕа оҥостор. Соторутааҕыта Нөмүгү нэһилиэгэр бар дьон түмсэн, өбүгэ былыргы үтүө үгэһин сөргүтэн, хас даҕаны күөлгэ күргүөмнээх муҥха буолан ааста.


Бу кэрэхсэбиллээх түгэн Төнүргэстээх, Тураахтаах уонна Тииттээх диэн балыктаах күөллэргэ тэрилиннэ. Олохтоохтор уонна ыалдьыттар эрдэ сарсыардаттан саҕалаан муус ойбонноон, чардаат алларан, мунха кынаттарын күөл түгэҕинэн тардан, биир киһи курдук тэҥҥэ үлэлээтилэр. Кырдьаҕастар муҥханы салайан, эдэрдэргэ муус аннын кэтиири, быаны-чардааты тутары көрдөрдүлэр.



Ону тэҥэ нэһилиэккэ биир ураты уонна истиҥ тэрээһин буолла — Сатаҕай күөлгэ «Айыы кыһата» оскуола үөрэнээччилэрин уонна төрөппүттэрин түмпүт доҕордоһуу муҥхата тэрилиннэ. Куораттан кэлбит оҕолор тыа сирин олоҕун, үлэтин илэ харахтарынан көрөн, бэйэлэрэ илиилэринэн мууска үлэлээн үөрүүлэрэ үрдээтэ. Төрөппүттэр оҕолорун кытта бииргэ муус күрдьэн, балык хостоон, көлүөнэлэр ыккардыларыгар дьиҥнээх ситим, өйдөһүү олохтонно.
Муҥха уол оҕону иитиигэ туспа, сүдү оскуола буолар. Уол манна тымныыны, ыараханы тулуйарга, түмсүүлээх буолууга, аҕа саастаах киһи тылын истэн бэрээдэги тутуһарга үөрэнэр. Биир сыыһа туттуу муҥха барыытыгар мэһэй буоларын өйдөөн, тус эппиэтинэһин билинэр. Саамай сүрүнэ — айылҕаҕа сүгүрүйүүнү, Байанай бэлэҕин харыстыыры, дьоҥҥо көмөлөһөрү уонна үлэ дьоһунун өйдүүр.
Саха дьонугар муҥха — боростуой балыктааһын эрэ буолбатах. Бу — дьону биир санааҕа ситимниир, аймах-билэ дьону, түөлбэ олохтоохторун чугаһатар, өлүү үллэриитин нөҥүө кырдьаҕаһы-кыамматы аһатар үйэлээх сиэрбит-туоммут. Нөмүгүгэ буолбут күргүөмнээх муҥхалар даҕатан көрдөрбүттэринэн, биһиги өбүгэбит кэс тыла, үтүө үгэһэ Саха Сиригэр сүппэт-сүппэттии үйэтийэ турар.
«Этин» медиа киин,
Ой орто оскуола, Хаҥалас
