Киһи олоҕун саамай суолталаах уонна эппиэтинэстээх кэрчиктэринэн — бэйэ уйатыттан көтөн, олох киэҥ аартыгар үктэнэригэр хайа идэни талан, туох суолунан айанныырын быһаарыныыта буолар.
Идэ диэн — киһи үйэтин тухары айар-тутар анала, дьолун кыһата.
Бу үйэбит тэтимэ түргэтиир кэмигэр оҕо улаатан, хайа суолу тутуһарын чуолкайдыырыгар көмө-тирэх буолар сыалтан, оскуолабытыгар 8-11 кылаас үөрэнээччилэригэр анаммыт «Кэскили сылыктаан» диэн ааттаах профориентационнай өйдөтөр-сырдатар биэдэмэ уонна сытыы өйдөөхтөр күөн көрсөр оонньуулара үрдүк таһымнаахтык сэтинньи ый 10 күнүгэр тэриллэн ааста.
Ыҥырыылаах кэпсэтии, кэскили уһансыы тэрээһинин бастакы чааһыгар үөрэнээччилэр аныгы олох ирдэбиллэрин, хайа идэлэр кэскиллээхтэрин уонна бэйэ дьоҕурун хайдах таба туһаныахха сөбүн туһунан дириҥ ис хоһоонноохтук кэпсээтилэр. Оҕолор бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр, инники былааннарын сырдаттылар, умсугутар ыйытыыларыгар хоруй сырдатыытынан эппиэт ыллылар. Кэпсэтии олус аһаҕас, истиҥ уонна туһалаах буолла.
Өй-санаа күрэҕэ, айар дьоҕур уһуктуута, кэпсэтии кэнниттэн сонун сорудахтардаах, сытыы толкуйу уонна түмсүүнү эрэйэр анал оонньуу күөстүү оргуйда. Оҕолор хамаандаларга арахсан, араас идэлэр уратыларын таайдылар, бэйэлэрин салайар, айар уонна түмэр дьоҕурдарын көрдөрдүлэр. Түмсүүлээх буолуу, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһүү уонна доҕордуу сыһыан оонньууну өссө күүркэтэн, уоттаан-көбүтэн биэрдэ. Кыайыыга дьулуур, сытыы өй күөн көрсүһүүтэ оҕолорго умнуллубат өйдөбүлү, күүстээх санааны ууннулар.
Бу тэрээһин оҕолорбутугар инники олохторун суолун сылыктыылларыгар, бэйэлэрин кыахтарыгар итэҕэйэллэригэр улахан тирэх буолбута саарбахтаммат. Киэҥ олох аартыгар үктэнэр кэскиллээх ыччаттарбытыгар талбыт идэҕит мээнэ буолбакка, үйэлээх үөрүү, айар үлэ өрөгөйө буоллун диэн алгыспытын аныыбыт!

Кэскил14.ру
Н.И. Прокопьев аатынан Хатыы орто оскуолата
