Күндү үөрэнээччилэр! Ытыктабыллаах учууталлар уонна төрөппүттэр! Эһигини Билии күнүнэн уонна саҥа үөрэх сыла саҕаламмытынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!
Үөрэх-билии күнэ — ытык-мааны бырааһынньык!
Бүгүн аан бастаан оскуола боруогун атыллыыр кырачааннарга уонна кинилэр төрөппүттэригэр ураты кэтэһиилээх, долгутуулаах күн. Иннилэригэр – Билии дьикти, кэрэ эйгэтигэр тиэрдэр саҥа аартык арыллар.
Быйыл бүтэрэр оҕолор оскуолаҕа иҥэриммит билиилэрин сайыннаран, ситэн-хотон үөрэх сылын этэҥҥэ түмүктүүллэригэр баҕарабыт.
Биһиги “Чуораанчык”, “Колокольчик” сурунаалларбыт, “Кэскил”, “Юность Севера” хаһыаттарбыт саҥа үөрэх сылыгар оҕолорго өй-санаа, сиэр-майгы өттүнэн тэҥник сайдалларыгар көмөлөһөр суолталаах матырыйааллары таһаарыа. Эдэр кэрэспэдьиэннэр кэккэлэрин хаҥатыахпыт, сахалыы тыллаах блогердары үөрэтэн, такайан таһаарыахпыт.
Эһиэхэ саҥа үөрэх сылыгар чиҥ билиини, үөрэххэ, үлэҕэ ситиһиилэри, эрэллээх үтүө доҕоттору баҕарабыт! Үрдүк чыпчаалларга кыайыылар кынаттаатыннар, айар талааҥҥыт, дьоҕургут арыллан истин!
Ольга Семенова, «Кэскил» оҕо кыһатын дириэктэрэ