Былыр-былыргыттан кэлбит үгэһинэн, Бөтүрүөп күнүн кэнниттэн, Саха сирин олохтоохторо от үлэтигэр киирэллэр. Бу кэм кыстыгы этэҥҥэ туоруурга бэлэмнэнии, күүстээх үлэ-хамнас кэмэ.
Быйыл сайыммыт ардахтаах буолан, дьон окко арыый да хойутаан киирдилэр. Ону таһынан, сэлээркэ уонна бензин кырыымчыга эмиэ биир кыһалҕа буолан, отчуттарга араас моһоллору үөскэтэр. Ол да буоллар саха дьоно барахсан туохтан да толлон турбаттар, туох баар кыахтарынан кыһыҥҥы кыстыкка дьулуурдаахтык бэлэмнэнэллэр.
Эбээлээх эһэм, саха ыалын быһыытынан, 20-тэн тахса хороҕор муостааҕы, 10-ча сыспай сиэллээҕи иитэн олороллор. Онон кыһыннары-сайыннары дьиэҕэ бэйэ арыыта, сүөгэйэ уонна этэ баар буолан — дьол!




Дьиэ кэргэнинэн оттооһун кэмэ кэллэҕинэ бары бииргэ окко киирэбит. Быйыл, дьэ, саҥа пресс-подборщик ылан, оппутун рулонунан, бу тиэхиньикэ от үлэтин чэпчэтэр, түргэтэтэр, онон элбэх оту кылгас кэмҥэ оттуурга көмөлөһөр. Эһиилги от кэмигэр саҥа сыалларбыт-соруктарбыт элбэх.
Билигин ыраах сытар сирдэрбитин бүтэрэн, быйылгы от сезонун этэҥҥэ түмүктүүргэ үлэлии сылдьабыт. От үүнүүтүн кэпсээтэххэ, быйылгы от үүнүүтэ уопсайынан үчүгэй диэххэ сөп. Сорох сиринэн хойуу, сорох сиринэн убаҕас да буоллар, от баар.
Быйылгы кыстыкка дьиэ сүөһүтэ тото-хана киириэҕэ диэн эрэлбит бөҕө. Оттооһун – бу биир эрэ үлэ буолбатах, бу саха дьонун күннээҕи олоҕо, түмсүүлээх буолуута, айылҕаҕа ытыктабыла уонна кэлэр кэскилгэ эрэлэ!
Александр ФЕДОРОВ, эдкор, Хатыҥ-Сыһыы сэл., Ньурба улууһа.
Кэскил14.ру
